Хаартыскаҕа Дмитрий Иванов түһэриитэ
Бүгүн, муус устар 14 күнүгэр, Саха сиригэр Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр.
Бэлиэ күн СӨ Ил Дархана Егор Борисов 2017 сыл олунньу 6 күнүнээҕи Ыйааҕынан олохтонон, Саха сиригэр Уол оҕо күнэ муус устар иккис баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр. Бу күнү бэлиэтиири «Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын Саха сиринээҕи салаата көҕүлээбитэ.
Саха киһитэ уол оҕону эр киһилии иитиитигэр сүрүн болҕомтотун уурар. Эр киһи аал уоту оттооччу, алаһа дьиэни тэрийээччи, булааччы-талааччы, ыал халыҥ хаххата, суон дурдата буолар. Онтон саха оҕото аҕатын кыра эрдэҕиттэн батыһа сылдьан булка-аска, үлэҕэ-хамнаска уһуйуллар. Уол оҕо — аҕатын туйаҕын хатарааччы.
Бука бары уол оҕолоохтору, уол сиэннээхтэри, уол хос сиэннээхтэри эҕэрдэлиибит.Сахалыы мындыр, киэҥ көҕүстээх, билиилээх, дурда-хахха буола улааттыннар. Ситиһиилээх, күүстээх санаалаах, мындыр толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх буолуҥ!
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…