Хаартыска: СИА архыыбыттан
Сыллата олунньу 17 күнүгэр дойду үрдүнэн Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрин күнэ бэлиэтэнэр.
Бу күн устудьуоннар этэрээттэригэр аҕытаассыйалыыр хампаанньа саҕаламмыт күнүнэн ааҕыллар, ол эбэтэр сайыҥҥы өттүгэр этэрээт састаабыгар саҥа доҕоттору булар уонна туһалаахтык бириэмэни атаарар, үлэлиэн баҕалаах устудьуоннар хомуура саҕаламмыта. Саха сиригэр быйыл устудьуоннар хамсааһыннара 58 сылын бэлиэтиир.
Саха сирин олохтоохторо Сэбиэскэй кэм саҕана устудьуоннар этэрээттэрэ күүскэ үөдүйэн үлэлээбитин өйдүүллэр, оттон 90-с сылларга бу хамсааһын тохтотулла сылдьыбыта. Саҥа устудьуоннар этэрээттэрин хамсааһына 2001 сыллаахха Ленскэйгэ улахан халаан кэмигэр сөргүтүллүбүтэ. Оччолорго кылгас болдьох кэм устата куораты чөлүгэр түһэриигэ үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарын этэрээттэрэ тэриллибиттэрэ.
2007 сылтан өрөспүүбүлүкэ Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһынын састаабыгар киирбитэ уонна «Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин эрэгийиэннээҕи салаатынан буолбута.
Билигин Саха сирин устудьуоннарын этэрээттэрэ араас хайысханан үлэлииллэр. Ол курдук, тутуу, мэдииссинэ, педагогика, тыа хаһаайыстыбата, сиэрбис этэрээттэрэ бааллар.
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…
Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ үгүс дьокутааты…
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…
“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…
Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…