Бүгүн Владимир Путин Этиитин иһитиннэриэҕэ
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн, олунньу 29 күнүгэр, Федерация Сэбиэтигэр уонна бар дьонугар Этиитин иһитиннэриэҕэ.
Быһа биэрии «Бастакы» уонна «Россия 1 » федеральнай ханаалларга Москва бириэмэтинэн 12:00 чаастан (Саха сиригэр 18:00 чаастан) саҕаланыаҕа.
Владимир Владимирович урукку Этиилэрин ылан көрдөххө, Арассыыйа 90-с сыллар кэннилэриттэн атаҕар туруутугар хара маҥнайгыттан эрэгийиэннэр сайдыыларыгар ураты болҕомтотун уурбут эбит.
Бастакы Этиилэрэ
Владимир Путин бэрэсидьиэнинэн талыллаат, 2000 сыллардаахтан Арассыыйа судаарыстыба быһыытынан бөҕөргүүрүгэр, былаас структуратын саҥардыыга, экэниэмикэни чөлүгэр түһэриигэ, ону сайыыннарыыга саҥа суоллары тобулууга болҕомтотун хатаабыт.
— Биһиги атын судаарыстыбалар сүбэлэрин, көмөлөрүн, кирэдьииттэрин ылан салгыы олоробут дуу эбэтэр бэйэбит күүспүтүнэн сайдабыт дуу диэн балай да уһуннук толкуйдаатыбыт. Бу маннык толкуйга, биһиги эрэ буолбатах, үгүс судаарыстыба киирэр. Ол эрээри бу боппуруоска биһиги суолбут биир – күүстээх дойду быһыытынан биһиги бэйэбит күүспүтүгэр итэҕэйэн, эрэнэн, онно олоҕуран салгыы сайдыахтаахпыт. Ол сайдыыбыт биһигиттэн, хас биирдиибититтэн, тутулуктаах, — диэн эппитэ баар.
Манна кини ордук дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыга болҕомтотун уурбут. “Сылтан сыл нэһилиэнньэбит ахсаана кыччаан иһэр. Ортотунан ыллахха, сылын аайы 750 тыһыынча киһинэн көҕүрүүбүт. Онон дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыны былаас бастакы уочарат көрүөхтээх”, — диэн иһитиннэрбит.
Оттон 2002-2003 сыллардаах Этиилэригэр сүрүннээн экэниэмикэ, социальнай эйгэ боппуруостарын таарыйбыт. Манна аан бастакытын байыаннай дьыаланы күүһүрдүөххэ, реформаны оҥоруохха наадатын эппит. Ону таһынан кэлэр уон сылга дойду баалабай ис бородууктатын үрдэтэргэ сорук туруорбут.
2004 сыллаахха Владимир Путин иккис болдьоҕор бэрэсидьиэнинэн талыллар. 2000 сыллардаахтан саҕалаабыт дьыалатын салгыы ыытар. Ол курдук, 2004-2005 сыллардаах Этиилэригэр кини дойду үрдүнэн хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ, демографияҕа, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ болҕомто уурарга соруйбут. Ону сэргэ бу кэмтэн ыла Этии кэнниттэн эйгэлэринэн көрөн туспа ыйаахтар тахсар буолбуттар. Бу ыйаахтарга кини ордук эрэгийиэннэр сайдыыларыгар, миэстэтигэр дьон-сэргэ дохуоттаах, туруктаах буолуутугар болҕомто уурбут.
2006-2007 сылларга эппит туһаайыыларыгар Владимир Путин хоруупсуйаны утары охсуһууга, миграцияҕа, тас дойдулары кытары сыһыаҥҥа, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ, дойду куттала суох буолуутугар, аан дойдуга биир бастыҥ экэниэмикэлээх дойду буоларга, о.д.а. болҕомтотун уурбут.
Ыам ыйын ыйаахтара уонна Анал этиилэр
2012 сыллаахха Владимир Путин Дмитрий Медведев кэнниттэн хат бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Кини ити сыл ыам ыйын ыйаахтара диэн ааттаммыт хас да докумуоҥҥа илии баттаабыта. Ол курдук, экэниэмикэ боппуруостарыгар, социальнай эйгэҕэ, доруобуйа харыстабылыгар, демографияҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, үөрэххэ, билимҥэ, олорор дьиэлэри тутууга, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа, байыаннай эйгэҕэ, дойдуну көмүскээһиҥҥэ, судаарыстыбаны салайыыга барыта уон биир ыйааҕы таһаарбыта. Бу ыйаахтарга олоҕуран кини дойду кэлэр уон сыллаах былаанын торумнаабыта. Онно кини ордук нэһилиэнньэ туруктаах, дохуоттаах буолуутугар, нэһилиэнньэлээх пууннар, социальнай эбийиэктэр сайдыыларыгар сүрүн болҕомтотун хатаабыта.
2014 сыллаахха саас Арассыыйа састаабыгар Крым Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Севастополь куорат туспа эрэгийиэннэр быһыытынан киирбиттэрэ. Онон Арассыыйа 85 эрэгийиэннэммитэ. Бэрэсидьиэн ити сыллаах Этиитигэр тас дойдулары кытары сыһыаҥҥа бэйэтин сыанабылын биэрбитэ уонна дойду экэниэмикэтин тупсарыыга санааларын эппитэ. Ыам ыйын ыйаахтара бу саҥа эрэгийиэннэргэ эмиэ тарҕаныахтарын туһунан иһитиннэрбитэ.
Оттон 2015 сыллаахха иһитиннэрбит Этиитигэр Владимир Путин терроризмы утары охсуһууга улахан этиилэри оҥорбута. Ону таһынан ити сыл эрэгийиэннэри сайыннарыыга, чуолаан федеральнай уокуруктарынан туспа былааннар баар буолуохтаахтарын эппитэ. Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ, биһиэхэ, бу сыл биир ураты сыл этэ. Ити кэмтэн саҕалаан Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум ыытыллар буолбута. Бу пуорум ыытыллыаҕыттан Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ, Арктикаҕа, хоту дойдуга тастан инвестиция киириитэ да эбиллибитэ, социальнай эбийиэктэр да тутуулара элбээбитэ.
2016 уонна 2018 сыллардаахха бэрэсидьиэн дойду ис экэниэмикэтин сайыннарыыга, исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ, дьон дохуоттаах буолуутугар, олохтоох оҥорон таһаарыыны үрдэтэргэ сыал-сорук туруорбута. 2018 сыллаахха бэрэсидьиэн быыбара буолан, Владимир Путин хат дойду салайааччытынан талыллыбыта. Бу сыллааҕы Этиитигэр кини ыам ыйынааҕы ыйаахтарын салҕаан, демография, социальнай эйгэ боппуруостарыгар, суол-иис, тырааныспар сайдыытыгар, о.д.а. боппуруостарга бэйэтин этиилэрин оҥорбута. Биир сүрүн этиитинэн Ийэ хапытаалын уһатыы буолбута.
2019 сыллаах Этиитигэр Владимир Путин тас дойдулары кытары сыһыаны таһынан, Арассыыйа ис бэлиитикэтигэр болҕомтотун хатаабыта. Элбэх оҕолоох ыалларга көмө, олохтоох исписэлиистэри иитэн таһаарыы, олохтоох оҥорон таһаарыыны элбэтии, о.д.а. боппуруостар көрүллүбүттэр.
2020-2021 сылларга аан дойду үрдүнэн дьаҥ-дьаһах тарҕанан доруобуйа харыстабыла, нэһилиэнньэ туруктаах буолуута, олохтоох биисинэһи өйөөһүн бастакы миэстэҕэ тахсыбыттар. Ыам ыйын ыйаахтарын сөргүтэн биэрбиттэр. Ону таһынан Арассыыйа Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэриигэ хас да пууну ыйбыта баар. Ону сэргэ оҕолоох ыалга көмө, олоруу уонна хамнас алын кээмэйдэрин үрдэтии курдук социальнай эйгэ боппуруостара көтөҕүллүбүттэр.
Былырыыҥҥы Этии
Владимир Путин былырыын олунньуга Этиитин уон сэттис төгүлүн иһитиннэрбитэ. Манна ыспыраапка быһыытынан санатан этиим, 2022 сыллаахха олунньуга Владимир Путин Донецкай,Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэр тутулуга суох буолууларын өйөөбүтэ, Арассыыйа бу дойдулары көмүскүөҕүн туһунан этэн туран,байыаннай дьайыы саҕаламмытын иһитиннэрбитэ. Алтынньыга бу икки эрэгийиэни таһынан Херсон уонна Запорожье уобаластара Арассыыйа састаабыгар киирбиттэрэ. Онон Владимир Путин 2023 сыллаах Этиитин биһиги эрэ буолбакка, аан дойду барыта кэтээн олорбута.
Бэрэсидьиэн Этиитигэр анал байыаннай дьайыы сыалын-соругун туһунан өссө төгүл хатылаан эппитэ.
— Билэргит курдук, Донбаас 2014 сылтан уот-кутаа ортотугар олорор. Биһиги бу боппуруоһу эйэлээхтик быһаара сатаабыппыт. Ол эрээри биһигини утары барбыт дойдулар кэннибититтэн саһан сытан сааны-сэби эрдэттэн таһынан, ох курдук оҥостубуттар этэ. Кэлин итини бэйэлэрэ да билиммиттэрэ. 2021 сыллаахха ахсынньыга АХШ-гар уонна НАТО-ҕа дойдуларбытыгар куттал суоһаабатын бигэргэтэр дуогабар бырайыагын ыыппыппыт: түмүгэ биир – сүрүн пууннарбытыгар аккаас ылбыппыт. Бу – кинилэр (арҕааҥҥы дойдулар, АХШ, НАТО) эрдэттэн былааннаммыт үлэбитин тохтоппоппут диэн эппит дьүһүннэрэ этэ. Онон 2022 сыллаахха балаһыанньа өссө сытыырхайан барбытыгар, биһиги олунньуга байыаннай дьайыыны биллэрбиппит. Тоҕо диэтэргин, Донбаас, Луганскай кэнниттэн Крым, Севастополь кэлиэхтээҕэ. Онтон да атын былааннаахтара бу кэлин өссө арылынна. Онон биһиги итинтэн атыннык хайдах да дьаһанар кыахпыт суоҕа, төһөнөн биһиги дойдубутугар куттал суоһуур да, оччонон бэйэбититтэн итини тэйитэн иһэргэ бары кыахпытын, күүспүтүн ууруохпут. Сол курдук кинилэр итини өйдөөтүннэр, — диэн иһитиннэрбитэ муос-таас курдук Владимир Владимирович.
Ону сэргэ былырыын Владимир Путин Арассыыйа Америка Холбоһуктаах Штаттарын кытары түһэрсибит стратегическэй кимэн киириигэ туһаныллар сэбилэнии дуогабарын тохтоторун туһунан эппитэ. Бу туох дуогабарый уонна маны тохтотуу туох суолталааҕый диэтэххэ, бу дуогабар ядернай сэрии сэбин кытары быһаччы сибээстээхэтэ. Бастакы маннык дуогабары Сэбиэскэй Сойуус Американы кытары өссө 1972 сыллаахха түһэрсибиттэрэ. Кэлин 1991, 1997, 2002 сыллардаахха уһатыллыбыттара. Оттон билиҥҥи дуогабарга 2010 cыллаахха бэрэсидьиэннэр Дмитрий Медведев уонна Барак Обама илии баттаабыттара. Бу дуогабар 2021 сыллаахха биэс сылга уһатыллыбыта. Ол аата өссө 2026 сылга диэри үлэлиэхтээҕэ.
— 2010 сыллаахха түһэрсиллибит дуогабарга икки дойдуларга иккиэннэригэр куттал суох буолуутугар элбэх балаһыанньа суруллубута, ол иһигэр кимэн киирии сэбилэниитин боппуруостарын барытын тэҥҥэ быһаарыы эмиэ. Ол эрээри, көрөргүт курдук, АХШ бу дуогабар балаһыанньаларын тутуспат буолбута ыраатта. Онон Арассыыйа бу дуогабартан тахсыбакка эрэ тохтоторун иһитиннэрэбин, — диэнВладимир Путин Этиитигэр эппитэ.
Онон, түмүктээн эттэххэ, былырыын Владимир Путин дойду көмүскэллээх буолуутугар, дойду ис экэниэмикэтигэр ордук болҕомтотун уурбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: