Бүгүн ыам ыйын 13 күнэ — саха бастакы бэйиэт  кыыһа Варвара Потапова төрөөбүт күнэ

Share

Бу күннэргэ Күөх Ньурба бэйэтин талааннаах кыыһын сырдык аатын ахтан-санаан ааһар…

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, биир дойдулаахпыт, саха бастакы поэтессата Варвара Потапова  төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр. Саха дьахталларыттан бастакы чуор куоластаах бэйиэт  Варвара Потапова бу орто дойдуга төһө да кылгас уонна уустук олоҕу олорон аастар, бэйэтэ эппитинии   “кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһии, үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыс” буолар ураты уонна бэлиэ суолу хаалларан барбыта.

Варвара Николаевна бэйэтин биир хоһоонугар суруйбутунуу, кыргыс дуораана сүтүүтэ, ыам ыйын 13 күнүгэр 1946 сыллааха Ньурба Сүлэтигэр Үҥкүүлүүр диэн кэрэ ааттаах алааска төрөөбүтэ. Төрөппүт ийэтэ Елена Егоровна дьиэтин көрөн,оҕолорун иитэн олорбута. Эрдэттэн ыарыһах буолан кылгас үйэлэммит, онон Варвара баара-суоҕа 6 саастааҕар тулаайах хаалбыта. Аҕата Николай Николаевич байанайдаах булчут эбит.

Варя эдэр эрдэҕиттэн хоһоонньут талааннааҕа биллибитэ. Ол талаана СГУ саха салаатыгар үөрэнэр сылларыгар ордук чаҕылыйбыта. Кини 70-с сылларга аан-бастаан лиирик-бэйиэт быһыытынан киирбитэ. Варвара Потапова оччотооҕу уустук үйэ ыччата буолан уонна бэйэтин кэмин сүрэҕин ортотунан аһарбыт буолан, санаа оонньооһуннаах, дириҥ иэйиилээх лиирикэни арыйбыта. Саха дьахтарын ис дууһатын, иэйиитин,тапталын поэзия нөҥүө аһаҕастык этэн көрдөрбүтэ, хомуһуннаах тылын-өһүн иһитиннэрбитэ. Оччолорго бу барыта сонун уонна ураты этэ.1972с. Варвара Потапова  “Күннээх халлаан” диэн бастакы хомуурунньуга тахсыбытынан эдэр кыыс олус үөрэн дуолгуйан:

«Билбэт уолан киһим,

Көрсө түһээт, мичээрдиир,

“ Күннээх халлаан” иһин

Сибэккини бэлэхтиир…», — диэн суруйбута.

«Мин тыыннаах киһибин,

Дьоннор, миигин таптааҥ…», —  диэбиттээх

Бүгүн, кырдьык, саха дьахталларыттан бастакы бэйиэт Варвара Потапова тыыннаах киһи курдук биһиги аттыбытыгар баар. Кини үйэлээх поэзията үгүс дьону долгутар, умсугутар, дьон таптала, сүгүрүйүүтэ сыллар аасталлар да, уҕараабат. Күн бүгүн кини хоһоонноро үгүс саҥа суруйан эрэр эдэр кыргыттары, хоһоон куттаах далбар хотуттары абылыыр, айар үлэҕэ кынаттыыр. Кини  тэлбит ыллыгынан саха народнай суруйааччыта Наталья Харлампьева, Наталья Михалева-Сайа, Амма сирин биллэр бэйиэтэ Саргылана Гольдерова-Саргы Куо уо.д.а аартыктара аһыллан, билигин дьоҥҥо сэргэҕэ биһирэнэр улахан бэйиэт буоллулар.

СӨ  Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйэтэ эмиэ ураты куоластаах биир дойдулаахпыт Галина Томская-Айыына Варвара Потапова айар үлэтин туһунан:  “Миигин поэт гыммыт Киһи”- диэн туран, саҥаттан саҥа, аахпыт эрэ киһи сэргиэх, долгуйуох ыстатыйаларын таһаарар. Ньурба биир талааннаах суруналыыһа Фекла Гурьевна Петрова уһун сылларга поэтесса сырдык аатын үйэтитэн, элбэх матырыйааллары уонунан сылларга хомуйан, ааҕааччыга тиэрдибитэ.  Сылын ахсын Ньурба сирин айар талааннаахтарын түмэр “Ньурба уоттара” түмсүү, оройуон култууратын үлэһиттэрэ, хоһоон куттаах ааҕааччылар ыам ыйын 13 күнүгэр бэйиэт  олорбут мусуой уһаайбатыгар тахсан сэргэхситэн, бэйит кыыстарын үрдүк аатыгар сүгүрүйэн мустан ааһаллар.

Варвара Потапова  айбыт айымньыларынан  Сахабыт сиригэр араас театральнай туруоруулар үгүс дьон сэҥээриитин ылаллар. Санатар буоллахха, 2006 сыллаахха ыам ыйыгар бэйиэт Варвара Потапова 60 сааһын бүтүн оройуон, уопсастыбаннас киэҥник бэлиэтээбитэ. Ыраах Убайааҥҥа Варвара Потапова уһаайба-мусуойугар олохтоох маастар Василий Петров оҥорбут мемориальнай доската ыйаммыта. Ньурбатааҕы дыраама тыйаатыра, режиссер Юрий Макаров туруорбут “ Мин кистэлэҥим”  испэктээги туруорбута.Бу тэрээһиҥҥэ күндү ыалдьыт буолан кэлбит  СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова хомуйан оҥорбут “ Мин сырдык санньыарым”,  суруналыыс Фекла Петрова бэлэмнээбит “Кэлэр кэмнэргэ кэриэһим”  кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ үрдүк таһымҥа барбыта. Түмүк киэһэҕэ бэйиэт хоһооннорун биллиилээх артыыска Зоя  Багынанова моноспектакль туруоран, иэйиилээхтик ааҕан көрөөччүгэ тиэрдэн, уйан дууһаларын туппута. Кини ааҕыытыгар Варвара поэзията кэрэхсэбиллээх сэһэн буолан кутуллубута. Уопсайынан Зоя Петровна поэтесса  Варвара Потапова аатын үйэтитиигэ киһи хараҕар биллэр-көстөр үтүө суолу хаалларда, онон биһиги ньурбалар махталбыт муҥура суох.

2021 сыллаахха бэйиэт Варвара Потапова 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар Ньурба дьоно киэн тутта ааҕар “ Мин кэлэр үйэлэргэ кэриэс кэһиибин…” диэн  “Күннээх халлаан” бөлөх чилиэннэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Зоя Багынанова, тыл учуонайдара Е.М.Поликарпова, В.Б.Окорокова, биир дойдулаахтарбыт бэйиэт Г.Е.Томская-Айыына, суруналыыс Е.Е.Мостахова,А.Ф.Саввинова, А.С.Саввинов дьоһун кинигэни бэлэмнээн таһааран үйэлээх өйдөбүнньүк күндү бэлэх оҥордулар.

Биир дойдулаахпыт саха дьахталларыттан бастакыннан поэзияҕа суолу арыйбыт Варвара Потапова аата  аныгы кыыс, дьахтар ис дууһатын кистэлэҥин соһута иһитиннэрбит бастыҥ хоһоонньут быһыытынан саха поэзиятыгар үйэлэргэ хаалыаҕа.

“Үчүгэйиэн,бу Сиргэ

Үөрэ-көтө сылдьар

Үгүс дьоннуун сэргэ

Олох дьолун сырсар!”- Варвара Потапова   бу олоххо ыҥырыы кэриэтэ тыллардаах хоһоону суруйбута күн бүгүҥҥэ дылы араас көлүөнэ дьоҥҥо уостан түспэт бэргэн этии буола сылдьар.

Кырдьыга даҕаны,  бу сиргэ үөрэ-көтө, үлэ-үөрэх үөһүгэр олох дьолун сырса олорорбут  хайдахтаах күндүтүн дойдубутугар буола турар уустук кэм арылыччы көрдөрдө. Күн бүгүн биир дойдулаах эдэркээн оҕолорбут  биһиги көҥүл дьоллоох олохпут туһугар олохторун толук  ууран да туран,  ийэ дойдуларын көмүскэлигэр кыргыһыыга киирэллэр. Кинилэр тустарыгар хас биирдиибит чуумпу олоҕо тохтоон, кыайыыны эрэнэ күүтэбит.

                           Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба, Хаҥалас.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

4 часа ago