Бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, Фармация үлэһитин идэлээх күнэ
Фармация –мэдиссиинэ дьоһун суолталаах уонна эппиэтинэстээх салааларыттан биирдэстэрэ, нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарарга саҥа быһаарыылары ылынан олоххо киллэрэр, үүнэр-сайдар салаа.
“Саха сиригэр фармация сулууспатыгар аптыака 206 тэрилтэтэ баар. Сылтан сыл аайы аныгы ирдэбиллэргэ уонна стандартарга эппиэттиир аптыака тэрилтэлэрэ аһыллаллар.
Нэһилиэнньэни эминэн хааччыйыы табыгастаах буоларын тупсарарга хайысхаламмыт өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтэ олоххо киллэриллэр, чэпчэтиилэринэн туһанар араҥаны эминэн хааччыйыыны тупсарар дьаһаллар ылыллаллар. Биэс сыл иһигэр үбүлээһин 75% улаатта. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ мэдиссиинэҕэ институтун уонна Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэһи бүтэрээччилэр сыл аайы фармацевтар кэккэлэригэр киирэллэр.
Бүгүн эмтэнээччилэрбит эрэ буолбакка, бүтүн уопсастыба махталын ылар уустук уонна дьоһуннаах үлэҕит иһин биир идэлээхтэрбэр ураты махталбын этиэхпин баҕарабын. Эһиги – үрдүк таһымнаах үлэһиттэргит, эһиэхэ ханнык баҕарар балаһыанньаҕа тирэҕирэбит.
Эһиэхэ доруобуйаны, саҥаттан саҥа билиини уонна сатабылы, ситиһиилээх бырайыактары, ылыммыт соруккутун олоххо киллэрэргитигэр баҕарабын. Эһиги үлэҕит бэйэҕитигэр дуоһуйууну аҕаллын уонна эмтэнээччилэр махталлара өссө да элбии турдун!” – диэн СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева эҕэрдэтин тириэртэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: