Сэтинньи 16 күнүгэр Ый туолар. Бу кэмҥэ Ыйбыт Сиргэ муҥутаан чугаһаан турар кэмэ эбит, онон халлааҥҥа олус улахан буолан көстүөҕэ, Сиргэ дьайыыта күүһүрүөҕэ. Астрологтар этэллэринэн, Ыйбыт Оҕус (Телец) зодиагар киирбит. Ол туох дьайыылаах буолуой?
Оҕус — сир бэлиэлээх, онон халлааҥҥа туруйаны сырса сатаабакка, ытыһыгар ымыыны тутарын ордорор. Сирдээҕи дьолу, баайы-дуолу, чопчу дьыалалары сөбүлүүр.
Ол иһин үбү-харчыны мунньунарга, ааҕынарга, үлүннэрэргэ табыгастаах кэм. Инники олоҕу былаанныырга, чугастааҕы кэмҥэ чопчу дьайыылары оҥорорго, эти-хааны чэбдигирдэргэ тоҕоостоох. Оҕус өһөс, онон туох эрэ ситэ оҥоһулла илик дьыалаҕытын ситэрэн кэбиһиэххитин сөп.
Маны тэҥэ, бу кэмҥэ Оҕус бэлиэтэ Уран планетаны кытта алтыһар, онон кэтэспэтэх өттүттэн туох эрэ быһылаан, түбэлтэ тахсан, ньиэрбинэйдэтиэн сөп диэн астрологтар этэллэр. Кытаанах быһаарыы ылынар, олоххо тугу эрэ уларытар быһыы, суолга сэрэхтээх буолуу эрэйиллэр.
Сир бэлиэлэээхтэр — Оҕус, Кыыс, Чубуку бу кэми чэпчэкитик аһарыахтара. Сүрүнэ, этиһиигэ, кыыһырсыыга киирэн биэримиэххэ наада.
Уу бэлиэлээхтэр — Араак, Охчут, Балыктар үбү-харчыны эбии булар туһунан толкуйдуохтара. Сүрүнэ, сөбүлээбит малы-салы соһуччу ылартан туттунуохха наада.
Салгын бэлиэлээхтэр — Игирэлэр, Күрүлгэн, Ыйааһын, чугастааҕы кэмҥэ инники олохторун былаанныырга сорунуохтара. Биир чопчу сыалы булан, ону ситиһэргэ былаан оҥостуохха наада. Билигин оҥоһуллубут былаан ситиһиилээх буолуоҕа.
Уот бэлиэлээхтэр — Хахай, Скорпион, Овен чугас дьоннорун кытта кыыһырсан кэбиһиэхтэрин сөп. Онон айылҕаҕа сылдьыы, айар үлэнэн дьарыктаныы, бассейнҥа, баанньыкка сылдьыы, массаас уоскутуоҕа.
Ый Сиргэ муҥутаан чугаһыыр кэмин «Суперлуние» диэн ааттыыллар. Быйыл Ыйбыт түөртэ чугаһыы сырытта. Бу сылга бүтэһик чугасаһыыта буолар. Бүгүн түүн Ый Сиргэ 360 109 килэмиэтирдээх сиргэ муҥутаан чугаһыаҕа. Онон олус улахан буолан көстүөҕэ. Муора, акыйаан уутун хаһааҥҥытааҕар да күүскэ тардыаҕа. Билигин тумана суох, онон таһырдьа тахсан, биноклунан да, көннөрү да көрүөххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: