Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү Национальнай тыйаатыра Үҥкүү аан дойдутааҕы күнүнэн көрөөччүлэригэр «Үрүҥ күн оҕолоро» этнобалеты көрдөрөр.
Бүгүн, муус устар 30 күнүгэр, Саха тыйаатырыгар 17.30 чаастан саҕаланар этнобалет аан бастаан 2017 сыл сэтинньи 10 күнүгэр Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 уонна Үҥкүү тыйаатыра тэриллибитэ 25 сылларыгар анаммыта итиэннэ улахан ситиһиилэммитэ. Либретто ааптара уонна туруорааччы-хореограф – РСФСР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Георгий Ковтун (Санкт-Петербург);
«Үрүҥ күн оҕолоро» этнобалет – 2019 с. «Желанный берег» тыйаатыр Х бэстибээлин «Көрөөччүлэр билиниилэрэ» бириэмийэни ылбыта, 2023 с. Новосибирскайга «Место притяжения-Сибирь» Бүтүн Арассыыйатааҕы I бэстибээлгэ кыттыбыта.
Саха норуота күн таҥаратыгар – Үрүҥ Аар тойоҥҥо сүгүрүйэр, ол иһин сахалар бэйэлэрин Үрүҥ күн оҕолорунан ааҕыналлар. Этнобалекка эдэркээн уоллаах-кыыс тапталларын нөҥүө саамай хотугу түүрдэр, саха норуотун бүтүн олоҕо көрдөрүллэр.
Тыйаатыр бу туруоруутунан көрөөччүнү омук быһыытынан үгэстэрбитигэр чугаһатар. Ол курдук, икки аакталаах этнобалекка саха норуота күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэлбит хомус, чабырҕах, тойук, оһуохай, сахалыы оонньуулар уо.д.а үгэстэрбит сатабыллаахтык көрдөрүллэллэр. Дьоруойдар чаҕылхай көстүүмнэрэ, сценография, муусука, артыыстар толоруулара түмүллэн, баай ис хоһоонноох, толору көстүүлээх сүҥкэн айымньы буолан тахсыбыта.
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…