Бүгүн ытык киһи Анисия Габышева 100 сааһын туолла
Бүгүн Дьокуускай куоракка олорор ытык киһи Анисия Гаврильевна Габышева ойор күннээх, ойдом ыйдаах орто дойдуга олорбута биир үйэ буолан, 100 сааһын томточчу туолла.
Анисия Гаврильевна Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр Ноевтар диэн орто сэниэ ыалга күн сирин көрбүтэ. 1931 сыллаахха Сылаҥ начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Кытаанах 7 кылаастаах оскуолатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрэн, Чурапчытааҕы педучилищеҕа тургутуга суох үөрэнэ киирбитэ уонна 1943 с. үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн учуутал идэтин ылбыта. Сэрии ыар сылларыгар Хатылыга, Одьулууҥҥа учууталлаабыта. Харах уулаах Кыайыы күнүн Одьулууҥҥа көрсүбүтэ. Улаханнык эрэнэр учуутал кыыстарын оройуон ыраах сытар Мэлдьэхси нэһилиэгэр ыытаннар, 1945-1951 сылларга 2-с Мэлдьэхси оскуолатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
1947 сыллаахха олоҕун аргыһын, фронтовик Георгий Романович Габышевы көрсөн ыал буолбуттара, 5 оҕоломмуттара. Габышевтар Дириҥҥэ көһөн кэлбиттэрэ. Бэйэлэрин дьиэлэрин туттубуттара. Оҕолоро бары ситиһиилээхтик үөрэммиттэрэ, успуордунан дьарыктаммыттара. Төрөппүттэрэ бэйэлэрин идэлэринэн үлэ үөһүгэр түспүттэрэ.
Анисия Гаврильевна 1952-1977 сылларга, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри Дириҥ орто оскуолатыгар үлэлээбитэ. Нэһилиэк хас да төгүллээх дьокутаата, дьахталлар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ. 1960-с сылларга Саха сирин учууталларын састаабыгар киирэн, Москва-Ленинград-Казань куораттарынан бастыҥ учууталлар уопуттарын билсэн кэлбитэ. Ылбыт билиитин-көрүүтүн биир идэлээхтэригэр кэпсиирэ, үлэтигэр ситиһиилээхтик туһаммыта.
Кини 1978 сылтан — үлэ, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, түмүктээх үлэтэ элбэх наҕарааданан бэлиэтэммитэ. Ол иһигэр, 2012 сыллааххха “Учууталлар учууталлара” диэн үрдүк ааты ылбыта. 2018 сыллаахха, 95 сааһыгар “Көмүс түгэн “ (“Золотое мгновение”) диэн аҕам саастаахтарга аналлаах бэстибээлгэ алгыс ырыатын толорон, Кылаан бириис хаһаайкатынан буолбута уонна “Абырал” санаторийга босхо путевканан наҕараадаламмыта.
96 сааһыгар Москваҕа олорор сиэннэригэр, хос сиэннэригэр күүлэйдии бара сылдьыбыта.
2019-2021 сылларга Кыайыы күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан туппут эҕэрдэ суруктарын сыа-сыам курдук харыстаан уура сылдьар.
2020 сыллаахха үгүс киһи «Саха» НКиК “Сэһэн сирэ” (С. Плотникова) биэриитигэр көрөн, олус сэргээбитэ, убаастыыр-ытыктыыр киһилэрэ 100 сааһыгар тиийэригэр баҕа санаатын тириэрдибитэ.
Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Бочуоттаах кырдьаҕаһа Анисия Габышева үөрэппит оҕолорунан киэн туттар: саха биллиилээх худуоһунньуга Афанасий Мунхалов, балерина Наталья Посельская, биллэр спортсмен Петр Посельскай, суруйааччы Дмитрий Диринскэй, норуот маастара Елена Капитонова, СӨ үтүөлээх учуутала Татьяна Далбаева, Муусука үрдүкү оскуолатын урукку ректора Иван Наумов, СӨ Ааҕар-суоттуур палататын салайааччытынан үлэлээбит Егор Марков уонна да атыттар…
Ытык кырдьаҕас 2023 сылга олоҕун уһунунан өрөспүүбүлүкэ рекордун кинигэтигэр киллэриллибитэ.
Анисия Гаврильевна курдук сайаҕас санаалааах, кэрэни элбэтэр, үтүөнү үксэтэр баай дууһалаах ийэлэр, эбэлэр, хос эбэлэр, учууталлар баар буоланнар, бу орто дойду олоҕо сирэм күөҕүнэн симэнэр, сырдыгынан сыдьаайар, сайдар-үүнэр сайаҕас ыччакка олох дьикти кистэлин бэлэхтээн киһи киһитэ буоларга инники эрэли үөскэтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: