Бүгүн — астманы уонна аллергияны утары охсуһуу Бүтүн аан дойдутааҕы күнэ

Бүгүн — астманы уонна аллергияны утары охсуһуу Бүтүн аан дойдутааҕы күнэ

30.05.2024, 14:15
Хаартыска: М.Гурьева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Үрдүк категориялаах аллерголог-иммунолог быраас, Дьокуускай куорат доруобуйатын харыстабылын туйгуна, “Оҕо бастыҥ доктора” аат хаһаайката  (2010 с.), РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Мария Егоровна Гурьева аллерголог-быраас буоларыгар улахан көмөлөөх настаабынньык дьонун туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтар.

— 1997 сыллаахха доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр уларыйыыларынан сибээстээн, Оҕо территориальнай мэдиссиинискэй отделениета (ДТМО) Дьокуускай куорат оҕо 6 №-дээх поликлиникатын дьаһалыгар бэриллибитэ. Миигин ДСК оройуонугар учааастактааҕы педиатр-бырааһынан анаабыттара.  Ити сыл балаҕан ыйыгар Санкт-Петербург лиэктэрдэрэ Н.А.Бедерова, В.Ф.Жданов ыҥырыллыбыт «Астмаҕа уонна аллергияҕа олох хаачыстыбатын тупсарыы» бырактыычаскай сэминээргэ кыттыбытым. Бу аллергологияҕа бастакы хардыыларым этэ. 1998 сыллаахха кылаабынай бырааспыт  Елена Никифоровна Лыткина «сэдэх» («узкай») идэни таларбар сүбэлээбитигэр мин аллергологияны талбытым.

Мэдиссиинэ национальнай киинин Педиатрияҕа киинин аллергологияҕа кэбиниэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо бастакы аллерголог-иммунолога Мария Карымоваҕа быраактыкаламмытым. Мария Дмитриевна аллергологияҕа оҕо сулууспата сайдарыгар реабилитация хайысхатын  киллэрэргэ олус элбэх үлэни ыыппыта.

Кини Дьокуускайга аллергологияҕа оҕо сулууспата баар буоларыгар 1984 сылтан үлэлэспитэ. Мария Карымова кыһамньытынан уонна көҕүлээһининэн 1 №-дээх поликлиникаҕа оччотооҕу кэмнэргэ куһаҕана суохтук сэбилэммит аллергология кэбиниэтэ аһыллыбыта. Мария Дмитриевна олох хойукка диэри үлэлиирэ. Киэһэ оптуобустар сырыылара бүтэн хааллаҕына, үксүгэр сатыы сылдьара эбэтэр массыыналаах төрөппүттэр илдьэн биэрэллэрэ. Мин настаабынньыгым М.Карымова-– сөбүлүүр дьыалатын маастара, үрдүк таһымнаах быраас, тобуллаҕас өйдөөх, үгүс үөрүйэхтээх, олус бэрээдэктээх, кэлэктиип туллар тутааҕа, үтүө санаалаах киһи.  Кини хас биирдии үлэһитин өйдүүр уонна тута көмөлөһөр дьоҕурдаах, олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр.

Өссө биир настаабынньыкпынан аллерголог-иммунолог Наталья Ким буолар. Наталья Иннокентьевна аллергологияҕа улахан дьон сулууспата сайдарыгар олус улахан кылаатын киллэрбитэ. Биһиги 1998 сыллаахха билсэрбитигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа үлэлиирэ. Үгүс сыллар устата Мэдиссиинэ национальнай киинигэр сүрүннүүр бырааһынан үлэлиир. Куруук билиигэ тардыһыы, саҥаттан саҥаны билэргэ дьулуһуу, идэҕэ бэриниилээх буолуу -– Наталья Иннокентьевна сүрүн хаачыстыбалара.
Мин настаабынньыктарым иккиэн аллерген-специфическай иммунотерапияны үчүгэйдик баһылаабыт, талан ылбыт идэлэригэр эппиэтинэстээхтик уонна үтүө суобастаахтык сыһыаннаһар исписэлиистэр.

Идэлэригэр үрдүк таһымнаах, мындыр өйдөөх настаабынньыктарбытыгар олус махталлаахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: