Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 146 сылынан пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Бүгүн, кулун турар 16 күнүгэр, Дьокуускай куораттааҕы Таатта түмсүү көҕүлээһининэн, саха омук духуобунай лиидэрэ, саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччи, поэт, чинчийээччи, бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 146 сылын туолбутунан кини мэҥэ өйдөбүнньүгэр түмсэн сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытылынна. Үөрүүлээх мунньаҕы «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, суруйааччы Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан ыытта.

Хаартыска Гаврил Андросов тиксэриитэ

Үөрүүлээх мунньах киинэ артыыһа, диктор Ньургун Бэчигэн Өксөкүлээх «Оттоку олук алгыһа» айымньытын ааҕыытыттан саҕаланна.  Ил Түмэн аатыттан ыччат дьыалатыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев Өксөкүлээх Өлөксөй бөлүһүөктээн Саха сирин инникитин сайдыыта хайдах буолуохтааҕын дьэҥкэтик ыйбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна сыаналаах сүбэлэри суруйан хаалларбыта билигин да норуотугар туһалыы сылдьарын, ол иһигэр 1903 сыллаахха «Чөл олох» уопсастыбаны тэрийсибитин санатта.

Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 150 сылын бэлэмниир уонна бэлиэтиир тэрийэр кэмитиэт хос бэрэссэдээтэлэ, СӨ Култуураҕа уонна духуобунас сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов Таатта түмсүүгэ улахан үбүлүөйү көрсө уоту саҕар тэрээһини ыыппыттарыгар махталын тиэртэ. Байанайдаах, сатабыллаах омук буоларбытын кэрэһэлиир «Байанай алгыһа» айымньы суруллан, уус-уран киинэ уһуллуохтааҕын эттэ. Түмүгэр «Өксөкүлээх Өлөксөй өссө да олохпутун түстүү турдун», – диэн түмүктээтэ.

Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы, Таатта түмсүү салайааччыта Владимир Аржаков Өксөкүлээх төрөөбүт күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэригэр кытта кэлбит элбэх дьоҥҥо махталын тиэртэ уонна төрөөбүт төрүт тыллаах омук инникилээх буоларын өрүү өйдүүрбүтүгэр, бу курдук улуу убайбыт тула түмсэ турарбытыгар ыҥырда.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай поэт Наталья  Харлампьева бу үөрүүлээх тэрээһин үгэскэ кубулуйарыгар П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Егорович Винокуров-Урсун таатталары, суруйааччылары, уопсастыбаннаһы түмэн саҕалаабытын санатта. Өксөкүлээх аатын сөргүтэргэ учуонай Георгий Башарин, норуот поэта Семен Данилов, нуучча суруйааччылара Владимир Солоухин, Владимир Кочетков суолталара умнуллуо суохтааҕын аҕынна. 2025 сыллаахха «Байанай алгыһа» айыллан саха суругунан литературата төрүттэммитэ 125 сыла туоларын уонна Өксөкүлээх Өлөксөй 150 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бу икки дата алтыһалларын этэн туран, саха суругунан литературата төрүттэммитэ 125 сылын бэлиэтииргэ ыҥырда.

Кулаковскайдар аймах бас-көс киһилэрэ Раиса Реасовна: «Аҕам “биһиги да уулуссабытыгар чыычаах ыллыа, күн көрүө диэбитэ” олоххо киирбититтэн олус үөрэбин, долгуйабын», – диэн туран, 85 хаарын уулларан эрэр 65 сыл үлэ стажтаах ытык киһи аҕатынаан Реас Кулаковскайдыын литература «халыҥ хаарын кэһэн» үлэлээбитин, кини бииргэ төрөөбүттэриттэн Атос Реасович, Людмила Реасовна, кини оҕолоро Степан Степанович, Лариса Степановна бары кыһамньыларын ууран эһэлэрин үтүө аатын үйэтитиигэ тус кылааттарын киллэрбиттэрин бэлиэтээтэ. «Бүгүҥҥү ыраас халлаан курдук ыраас олохтоох буолуҥ диэн ыччаппын алгыыбын», – диэн үтүө баҕа санаатын тиэртэ.

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Өксөкүлээх Өлөксөй институтун дириэктэрэ, филология наукатын доктора, профессор Прасковья Сивцева икки томнаах поэзиятын кинигэлэрин таһаарбыттарын билиһиннэрдэ уонна  саҥа үһүс томҥа айар тыл аҕата Реальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут өйтөн суруйууларын бэчээттиэхтээхтэрин, «Ойуун түүлэ» поэма кэлиҥҥи сылларга туроктыы, дьоппуоннуу тылбаастаммытын билиһиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын ыччакка ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Нурудин Нурудинов «Оттоку олук алгыһа» айымньыттан быһа тардан авардыы тылынан ааҕан иһитиннэрдэ, Өксөкүлээх курдук дьон Саха сирин эрэ буолбакка, бүтүн дойду дьоно буолалларын санатта.

Туйаара ПАВЛОВА.

Хаартыска Гаврил Андросов тиксэриитэ
Хаартыска Гаврил Андросов тиксэриитэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago