Бүгүн — Өлүөнэ эбэбит күнэ
Бүгүн, от ыйын 2 күнүгэр, «Үс үллэр үөстээх, өрүскэннээх сүүрүктээх….» (Өксөкүлээх Өлөксөй) Өлүөнэ эбэбит күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн 2013 сыллаахха айылҕабыт биир дьикти баайын харыстааһыҥҥа дьон болҕомтотун тардарга ананан тэриллибитэ.
Өлүөнэ эбэбит – айылҕа киһи аймаҕы хатаҕалаан биэрбит бэлэҕэ. Байкал арҕаа арҕаһыттан саҕаланан Иркутскай уобалаһынан устан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тиийэр. Алдан, Витим, Бүлүү, Өлүөхүмэ өрүстэр ууларын холбоон, Лаптевтар муораларыгар тиийэн, Хотугу Муустаах байҕалга түһэр. Өлүөнэ устата 4400 килэмиэтири куоһарар, уутун иэнэ 2 490 000 кв. км тэҥнэһэр. Өлүөнэ өрүс күнэ айылҕа харыстанар эбийиэгэр ураты болҕомтону тардарга, национальнай бренд быһыытынан өрө тутарга, экология туризмын сайыннарыыга ананан олохтоммута. Бу бэлиэ күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Өлүөнэ өрүспүт туһунан элбэҕи билиэххитин баҕарар буоллаххытына, ити бэриллибит сигэлэринэн киирэн билсиҥ диэн сүбэлиибит.
Национальнай бибилэтиэкэ электроннай каталогар киирэн ааҕыҥ:
— «Река Лена», С.Е. Мостахов: https://e.nlrs.ru/open/34912
— «Растительный и животный мир дельты реки Лена»: https://e.nlrs.ru/online2/12513
— «Рыбы реки Лена», П.Г. Борисов: https://e.nlrs.ru/open/607
Өлүөнэ эбэҕэ анаммыт хоһооннор хомуурунньуктара:
— «Өлүөнэ хоптолоро», хоһооннор, Иван Гоголев: https://e.nlrs.ru/online2/25441
— «Төрөөбүт буор сылааһа», Петр Аввакумов: https://e.nlrs.ru/open/32268
— «Ырыалар-хоһооннор», А.Е. Кулаковскай: https://e.nlrs.ru/open/27191
— «Дьолбут күнэ»: https://e.nlrs.ru/open/35851
— «Түөрт саҕах», хоһоонунан арамаан, поэмалар, И.М. Гоголев-Кындыл: https://e.nlrs.ru/open/8780
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: