Бүгүн Кировскайга элбэх хайысхалаах киин аһылынна

Share

Былырыыҥҥыттан Саха сирэ Кировскайы чөлүгэр түһэриигэ элбэх үлэни ыытта. Ол билигин да тохтообокко бара турар. Ол курдук, бүгүн Элбэх хайысхалаах киини аһыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста.

Киини үөрүүлээх аһыы тэрээһинигэр ДНӨ баһылыга Денис Пушилин, РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтары өйүүр кэлим сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлэ Андрей Федотов, СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэҕэ миниистирин 1-кы солбуйааччы Виктор Романов, ДНӨ экэнэмиичэскэй сайдыыга миниистирин э.т. Владимир Зверков, ДНӨ-ҕэ Элбэх хайысхалаах киин салайааччыта (МФЦ) Александр Крупинец кытыннылар.

«Билигин Кировскай олохтоохторо күнтэн күн куораттара уларыйа, тупса турарын көрөллөр. Соторутааҕыта эрэ Айсен Николаевы кытары Элбэх хайысхалаах киини аһан үлэлэтии туһунан кэпсэппиппит. Номнуо бүгүн үлэҕэ киллэрдибит. Саха сиригэр Кировскай куораты кытта шефтэһэргэ ылсыбытыгар махтанабыт», — диэн ДНӨ баһылыга Денис Пушилин Кировскай олохтоохторун ааттарыттан махтал тылларын эитилэр.

РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, байыаннай сулууспалаахтары өйүүр кэлим сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлэ Андрей Федотов: «Билигин Саха сирэ паарканы чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэр. Хаачыстыбалаахтык оҥорон кэмигэр туттарыахпыт», — диэн эттэ.

Элбэх хайысхалаах киин иэнэ 188 кв. м. Үлэ муус устартан саҕаламмыта. Билигин Кировскай олохтоохторо судаарыстыбаннай биир кэлим өҥөнү туһанан эрэллэр.

Санатар буоллахха, 2023 сылга Кировскайга чуолаан маннык үлэлэр үмүрүтүллүөхтээхтэр:

— Барыта 28 эбийиэк чөлүгэр түһэриллиэхтээх, ол иһигэр 2 №-дээх оскуола (тэлгэһэтин тупсаран оҥоруу), 1 №-дээх (өрөмүөн), куораттааҕы балыыһа куорпустарыгар, куораттааҕы бибилэтиэкэ, «Победа» паарка (тэлгэһэтин тупсарыы), муусука оскуолата, 3 дьааһыла-саад (үрдүн өрөмүөннээһин), Элбэх хайысхалаах киин (өрөмүөн), спортивнай былааһакка, 10 уулусса өрөмүөнэ уонна алта уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ бааллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ алта уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ, куораттааҕы балыыһа кырыыһатын, Шахтерскай уулуссаҕа кыбартаал иһинээҕи учаастак өрөмүөннэрэ үмүрүтүллүбүттэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьахтар урукку кэргэнэ күнүүлээн автомагнитоланы алдьаппыт

ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар биллибэт эр киһи массыынатын иһигэр автомагнитоланы  алдьаппытын туһунан…

6 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Саха сиригэр историческай сырыытын түмүктэрэ

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыыта бэлиэ түгэнинэн…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн — Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммит күнэ

Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1963 сыллаахха ССРС…

45 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан муҥхалаатылар

Бу күннэртэн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар тохсунньутааҕы муҥха саҕаланна. Бастаан Билиилээх диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Омуктуу тылынан суруйууну боптохторуна…

Атыыга-эргиэҥҥэ чуолаан маҕаһыыннар ааттарыгар омуктуу тылынан суруйуу олус элбээбитин бары да көрө-истэ билэ сылдьабыт. Бу…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Киин куоракка эр киһи өлүгэ булулунна

Тохсунньу 17 күнүгэр киэһэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир уорганнарыгар киин куоракка Дзержинскай аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах…

2 часа ago