Бүгүҥҥү хаһыакка — суруналыыстар бэйэлэринэн билбиттэрэ-көрбүттэрэ элбэх
«30-ча сылы быһа муспут улахан тэриллэрбитин, ыстаныактарбытын манна көһөрөр кыахпыт суох. Кыракый хосторго иистэнэр сыаҕы уонна типографияны аһан олоробут.
Дьиэбит-уоппут кыараҕас буолан, үгүс үлэһити ууратарга күһэлиннибит, инньэ гынан, уонтан тахса эрэ киһи хаалла. Бу сыллар тухары баата таҥаһы, тэллэхтэри, суорҕаннары, о. д.а. социальнай тэрилтэлэргэ туһаныллар бородууксуйаны оҥорор этибит. Баатаны таҥастыыр ыстаныакпытын ханна да көһөрөр, бородууксуйаны харайар ыскылаата суох буолан, быйыл бу табаардары оҥорботубут», — диэн ким кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билсиҥ. Дьокуускай куорат Залог оройуонугар баар инбэлииттэри үлэнэн хааччыйар эҥкилэ суох 30-ча сыл устата үлэлээн кэлбит тэрилтэ ааспыт сылтан өр сылларга олорбут дьиэтин-уотун, хаһаайыстыбаннай баазатын былдьаһан, сууттаһан, онтон тахсарга күһэлиннилэр. Онон билигин Краснояров уулуссатыгар куортамнаан олороллор. Бу социальнай тэрилтэ бүгүҥҥү кыһалҕатын туһунан суруналыыс Сайаана Львова сырдатта.
“Дьокуускай куорат олохтоохторугар саамай тыын боппуруоһунан оптуобуһунан сырыы, сылаас тохтобуллар, бэйдиэ сылдьар ыттар буолаллар. Онон бэнидиэнньиккэ өрөбүл күнүнэн туһанан, 1 №-дээх оптуобуһунан айанныырга быһаарынным» диэн матырыйаалын саҕалыыр суруналыыс Женни Стрюкова. Кини куорат тохтобулларын сытыы боппуруоһун таарыйар “Дьокуускай кытыы уулуссаларын кыһалҕалара” матырыйаалын хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
“Биһиги да саҕана маннык суох ээ…” диэн матырыйаалыгар суруналыыс Людмила Попова өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан аан бастакынан аһыллыбыт “Кванториум” технопааркаҕа сылдьар, илэ көрөр дьолломмутун туһунан сиһилии суруйда. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Дьокуускайга муус атыытын туһунан биллэрии бассаап бөлөхтөрүгэр тарҕанар. Тыа сиригэр ылыллыбыт мууһу киһи сэрэхэчийбэккэ ылан иһэр. Оттон Дьокуускайга бу балаһыанньа хайдаҕый? Бу туһунан суруналыыыс Ульяна Захарова «Дьэҥкир муустар кэчигирэһэн эрэллэр” матырыйаалыттан билиэххит.
“Мин Канадаҕа уонна Кытайга үөрэнэ сылдьыбытым. Онон араас дойдуларга клининг сулууспалара хайдах үлэлииллэрин билэбин” диэн аныгы үйэ дохуоттаах өҥөтүн туһунан эдэр урбаанньыт Милан Андреев санаатын кытта билсиҥ.
Аныгы кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын бүгүҥҥү туругун билсээри, эрэдээксийэм сорудаҕын толорон, уһун өрөбүл кэнниттэн Хатаска айаннаан тиийдим. Номоххо киирбит, бэйэтин норуотугар үтүө санаатынан сулууспалаабыт салайааччы, “Хатас” сопхуос дириэктэрэ, аҥаардас үлэнэн аатырбыт улуу киһи Прасковья Федорова 1978 сыллаахха туттарбыт таас пиэрмэлэрэ бөһүөлэк кытыытыгар ыраахтан маҥхайан көстөллөр. Чугаһаан көрбүтүм, икки хотон “тононон” бүппүтэ ырааппыт. Биир хотон олох да сууллан тураахтыыр. Бу ыһыллыыны-тоҕуллууну түстээбит 90‑с сыллар уларыта тутууларын түмүгэ буоллаҕа. Хаһаайыстыба бүгүҥҥү туругун туһунан “Баҕарахха “Алаас кыыһа” ырыа дьиэрэйэр…” матырыйаалбар ааҕыҥ.
“Ол истэхпинэ, бэстилиэтинэн иккитэ ыппыта, хата, таппатаҕа. Биир буулдьа олох кулгааҕым аттынан иһиирэн ааспыта. Истэрим мөлтөх буоллаҕа, урут “макаровынан” ыппыт аҕай киһи буоллаҕым, буулдьата хайдах иһиирэн ааһарын эндэппэккэ билэрим. Ол эрээри, бу сырыыга арыый атын тыас этэ». Былырыын ыам ыйыгар сахаҕа ытык киһи Анатолий Чомчоев тыыныгар тура сатаабыттара. Бу туһунан Анатолий Игнатьевич хайдах баарынан аһаҕастык кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Бүгүҥҥү туругунан Арассыыйаҕа 22 тыһыынча кэриҥэ түмэл оскуола иһинэн үлэлиир. Олор истэригэр Дьокуускай куорат Саха гимназиятыгар “Иитии кыһата” диэн ааттаах түмэл үлэлээбитэ сүүрбэччэ сыл буолла. Мусуой туһунан суруналыыс Анивера Акимова “Оҕону иитэр-үөрэтэр үөрэтэр сыаллаах ыаллаах “Иитии кыһата” матырыйаалын ааҕыҥ.
Бу ыйга “Эдэр саас” ыччат хаһыата төрүттэммитэ отут сыла буолар. Тыһыынчанан нүөмэр бэчээттэнэн күн сирин көрдө. Бу сыллар тухары хаһыаппыт олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, кыһалҕа арааһын быһааран, сүүһүнэн эдэр кэрэспэдьиэҥҥэ үктэл буолан, үгүс бырайыагы оҥорон, араас түһүүнү-тахсыыны этэҥҥэ туораан баччааҥҥа диэри бэйэтин ааҕааччыларын үөрдэр, араас сонуну суруйар хаһыат устуоруйатын суруналыыс Айтана Аммосова бэрт сэргэхтик арыйда.
“Кыракый кыысчаан өр сылларга Дьокуускай куоракка балыыһаҕа суорҕаннаах тэллэххэ сытан, атаҕар турбута. Онон оҕо сааһын саамай чаҕылхай өйдөбүлүнэн аан бастаан таһырдьа тахсан, өр көрбөтөх ийэтинээн дойдутугар айаннаабыта буолар. Биир сааһыттан ыла көрбөтөх, күн уотугар харааччы килэрийбит сирэйдээх аҕата массыынаттан көтөҕөн ылбытын: “Оо, бу ньиэгир миигин тоҕо көтөҕөрүй?” дии санаабыт. Хата, кини ньиэгирдэр, Африка диэни, хартыыҥкаттан да буоллар, бэркэ билэр эбит…”.., диэн суруналыыс Ангелина Васильева ким туһунан суруйбутун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Иринаны билбэт да киһи уулуссаҕа көрсөн, «кини үҥкүүһүт эбит» диэтэҕинэ сыыспат. Ирина Петровна үҥкүүһүт быһыытын-таһаатын сүтэрбэккэ түргэн-тарҕан туттунуулаах, биир миэстэҕэ олорон турбат, хас да үлэни тэҥинэн толорбута эрэ баар буолар киһи. Дэлэҕэ даҕаны биир идэлээхтэрэ «Фигаро здесь, Фигаро там» диэн оонньуу-күлүү кэриэтэ этиэхтэрэ дуо? Суруналыыс Надежда Егорова “Тыйаатыртан харыс да халбарыйбакка..” матырыйаалын аахтаххытына кини ким буоларын билиэххит.
Сэтинньи 9 күнэ – аан дойдутааҕы оҕону иитэ ылыы күнэ. Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитиигэ судаарыстыбаттан туох көмө баарын туһунан суруналыыс Ангелина Васильева сиһилии быһаарыытын ааҕыҥ.
Сатыыр дьон соботтон тугун даҕаны хаалларбакка астыыллар, барытын туһаҕа таһаараллар. Собо хатырыгынан туспа бүлүүдэ оҥороллорун истибиккит дуо? Дьэ, онон соботтон сонун бүлүүдэлэри ааҕыҥ, сэргээҥ. Матырыйаалы суруналыыс Людмила Попова бэлэмнээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: