Бүгүҥҥү күннээҕи сонуну түмэ тардан
24.10.2022, 21:26
Бөлөххө киир:
Бассаап курдук социальнай ситим түргэнник тарҕанарынан — ураты.
«Ханна эрэ идэһэлииллэр. Манна муҥхалыы сылдьаллар. Ханна эрэ ардыы, хаардыы турар. Бүгүн сорохтор муус ыла сылдьаллар. Ханна эрэ билигин да оттууллар — бу барыта мин дойдубар Саха сиригэр!» диэн бүгүҥҥү күннээх бассаап сонунун барытын түмэ тардан, ким эрэ ыыппыта, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕанна.
Кырдьык да, бүгүн араас кэрэхсэбиллэх сонунунан баай күн түмүктэнэн эрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: