Салгыы
Бүгүҥҥү «Саха сирэ» хаһыакка тугу ааҕыахха?

Бүгүҥҥү «Саха сирэ» хаһыакка тугу ааҕыахха?

24.01.2025, 10:52
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Бүлүү улууһун I Күүлэт олохтооҕо Иван Тутукаров биэни кыһыннары ыыр үчүгэйин туһунан видеота тарҕаммыта.

«Онно 2019 сыл диэн суруллубут этэ. Билигин ыы сылдьара дуу, суоҕа дуу диэн кини төлөпүөнүн булан, туоһуластыбыт” диэн суруйан туран, суруналыыс Женни Стрюкова бүгүҥҥү хаһыакка тыа сирин олохтооҕун кытта “Биэни ыабытым уонча сыл буолла” матырыйаалыгар сиһилии кэпсэттэ.

Бүгүҥҥү хаһыакка “Ыйыт-хоруйдуубут” рубрикаҕа ааҕааччылар араас ыйытыылара бэчээттэннэ. Холобура, “сүөһү төбөтүгэр биэрэр 39000 солкуобайдарын барыта сүөһүгэ туттуллуохтаах дииллэр. Аһыыр-таҥнар көҥүллэммэт курдук. Урут үүт харчытынан аһаан-таҥнан олорбуппут. Билигин барыта сүөһүгэ туттуллуохтаах диэн бэлиитикэ дуо?” диэн Таатта улууһун Туора Күөл олохтооҕо Галина Саввина ыйытыытыгар министиэристибэ эппиэттээх исписэлииһэ туох хоруйу биэрбитин  ааҕыҥ.

Уһук Илиҥҥи гектары ылыы 2016 сыллаахха киирэн, бастакы сылларга аймалҕаны таһааран иһэн намырыы быһыытыйан, былырыыҥҥы 2024 сылга диэри “күөдьүйбэккэ” турбута. Тоҕо гектар сирэ эмискэ болҕомто ортотугар буола түстэ диэтэххэ, тустаах исписэлиистэр да, дьон-сэргэ да сир сыаната эмискэ үрдээбитинэн, риэлтордар күөртээтилэр диэн быһаараллар. “Гектары иккистээн ылыахха сөп, өскөтө…” диэн суруналыыс Антонина Эверстова суруйуутугар үгүс дьону долгуппут боппуруоһу сиһилии ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин үлэһиттэрин үгэскэ кубулуйбут тохсунньутааҕы мунньаҕа буолан ааста. Урутаан эттэххэ, урукку курдук лип олорор уһун-киэҥ мунньах суох. Чопчу, тэтимнээх, тиийимтиэ…” диэн туран, суолталаах тэрээһини сурналыыс Людмила Попова ырытта.

Сотору-сотору араас саайтарга “биэнсийэҕэ тахсар саас 5 сылынан эбиллиэ” диэн суруйуулар тахсан социальнай ситиминэн тарҕанан, аймалҕан буолар. Биэнсийэҕэ тахсар саас өссө үрдүүр дуо?  Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка сиһилии хоруйу суруналыыс Ангелина Васильева биэриэҕэ.

П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатыгар киирээт, “Тоойуом, үөрэхтээх-билиилээх киһи буоллаххына, талбыт идэҕинэн умсугуйан үлэлээтэххинэ, дьолгун булуоҥ, соргулаах олоҕу олоруоҥ, дьон киһитэ буолуоҥ” диэн суруктаах истиэндэҕэ хараҕым хатанна. Бу академик Афанасий Чугунов ыччаттарга туһаайбыт этиитэ – Тулагы оскуолатын оҕолорун суруллубатах быраабылата диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Бу оскуола үөрэнээччилэрэ кэлиҥҥи сылларга Москваҕа “Көмүс күһүн” быыстапкаҕа кыттан, кыһыл көмүс мэтээли  аҕалаллара үгэскэ кубулуйда. 2008 сылтан агро-хайысханан сайдар. 2010 сыллаахха  оскуола иһинэн үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ тэриллибит. Кэпэрэтиип МТЗ-82, Синтай ХТ-244 икки тыраахтардаах, хортуоппуйу үүннэриигэ туһаныллар  уонна оттуур тэриллэрдээх, Сатыы Талах уонна Орто арыы арыыларга ходуһалардаах,  Надьылы учаастакка бааһыналаах, 10 төбө ынах сүөһүлээх, 38 төбө сылгылаах, сайыҥҥы кэмҥэ түргэнник ситэр салаанан – көтөр иитиитинэн дьарыктанар. Аны быйыл саас халбаһы оҥорор сыаҕы уонна оранжерея тутан киллэриэҕэ. Бу ураты үлэлээх оскуола туһунан суруйуубун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Быыстапкаҕа барбат буоллубут. Саха быһаҕа бастыаҕыттан, үчүгэйин билэн, туораппыттара. “Национальный нож” диэн номинацияҕа эрэ  кытыннараллар. Быыстапка бэлиитикэтэ оннук. Антах тиийдэххэ, сахалар бэйэ-бэйэбитин кытта эрэ күрэхтэһэбит. Манна “Дархан ууска” бэйэбит испитигэр кыттабыт. Билигин  саха быһаҕын байыаннай дьайыыга туттар быһах курдук тарҕата сатыыллар. Дьиҥэр, саха быһаҕа – туттар тэрил. Киһини өлөрөр быһах буолбатах.  Саха ууһа оҥорбут быһаҕа иччилээх, куттаах буолар. Биир тимиртэн, биир уокка, тэҥник уһаарыллан оҥоһуллан баран, ол уон быһахтан биир-икки эрэ чаҕылхай буолар” диэн “Саха быһаҕа эргинэр мал буолбатах!” диэн сытыы матырыйаалга суруналыыс Ульяна Захароваҕа ким кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

“Хаһан эрэ Хотугу сир биир олохтооҕуттан олохтоох суруйааччылар төһө элбэхтэрин интэриэһиргээн ыйыппытым. Онуоха кини: “Олус элбэх да буолбатар, биирдиилээн суруйар дьон бааллар”, – диэн мичээрдээн эрэ кэбиспитэ. Оттон бүгүн Дьокуускай куоракка кэлэ сырыттаҕына быыс булан кэпсэппит киһим – ыраах Анаабыр национальнай улууһун ытык киһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун 80 саастаах чилиэнэ Николай Лукич Туприн-Кэһиилээх Уола. Кырдьык да, кэһии курдук кэлэн биэрбит киһини мүччү туппат санаам баһыйбыта” диэн туран, уустук дьылҕалаах айар куттаах киһи туһунан суруналыыс Надежда Егорова суруйуута — бүгүҥҥү хаһыакка.

“Киһи уйулҕа да, эт-хаан да өттүнэн сылайар. Онуоха бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына эрэ, барыта кыаллар, атыттары кыайаҕын. 2016 сыллаахха Олимпиадаҕа кыттыбытым, мэтээлгэ тиксибэтэҕим. Ол кэнниттэн улахан охсууну ылбытым. Оччолорго 23 саастаах оҕотук этим. Хас эмэ сылы быһа бэлэмнэнэн баран мэтээлгэ тиксибэтэҕим кыһыылаах этэ” диэн “Итии чэйгэ” суруналыыс Сайаана Львоваҕа Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастара Василий Егоров салгыы тус олоҕун, былааннарын сиһилии кэпсээбитин ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: