Бүгүҥҥү «Саха сирэ» хаһыат киһи болҕомтотун тардар
Балаҕан ыйын 18 күнүттэн Дьокуускайга Ленин болуоссатын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланна.
Куорат киин болуоссата киһи билбэт курдук уларыйыаҕа. Манна 13 миэтэрэ уһуннаах 12 сэргэ, сир анныттан өрө тэбэн тахсар “сухуой” фонтан, саҥа тротуардар уо.д.а. эбийиэктэр баар буолуохтара. Болуоссаты эһиил күһүн арыйарга былаанныыллар. Сиһилии Ленин болуоссата хайдах уларыйыаҕын туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Айаал Аргунов сырдатыытын ааҕыҥ.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин от ыйын 31 күнүгэр РФ Нолуогун кодексыгар уларытыылары киллэрии туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Онно 2023 сыл балаҕан ыйыттан 2026 с. бүтүөр диэри ньиэп хампаанньаларыгар уматык сыаната халбаҥнааһынын чэпчэтэр (демпферин) төлөбүрүн икки төгүл сарбыйарга уонна 2024 с. тохсунньу 1 күнүттэн бэнсиин уонна диизэл уматыгар акциһы үрдэтэргэ ыйыллыбыта. Уматык туһунан ырытыы – бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи хаһыакка.
Быйыл сайын тыа сирин олохтоохторун оттооһуҥҥа көҕүлүүр туһуттан, “Саха сирэ” хаһыат “Бука бары – окко!” – диэн “Төгүрүк остуолу” тэрийбитэ. Манна өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн, Хаҥалас, Нам, Мэҥэ Хаҥалас тыатын хаһаайыстыбатын салайааччылара, “Россельхозцентр” тэрилтэ исписэлиистэрэ, биллэр урбаанньыт Руслан Федотов уод.а. кыттыбыттара. Бу кэпсэтии түмүгэр оттооһуҥҥа туох кыһалҕа баарын, тиэхиньикэнэн хааччыллыы, аһыҥаны эмтээһин, күрүөнү тутууга көрүллэр үп-харчы уо.д.а. туһунан кэпсэтии буолбутуттан саҕалаан быйылгы оттооһун туһунан тыа хаһаайыстыбатын тиэмэтин сырдатар суруналыыс Женни Стрюкова “Кыстыгы этэҥҥэ туруохпут” матырыйаалын үгүс ааҕааччы сэргиэҕэ.
Кэлиҥҥи сылларга “Саюри” хампаанньа оҕуруотун аһа Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар биир биллэр бренд бородууксуйанан буолла. Соторутааҕыта бу тэрилтэҕэ тиийэн үлэ-хамнас туһунан репортаж оҥорон кэллим. Ааҕыҥ, сэргээҥ.
“1993 сыллаахха “Былатыан Ойуунускай 100 сааһыгар Парижка бараҕын” диэн буолла. Оо, онно үөрбүппүөн! Биһиэхэ Намҥа “Ньургун Боотур” олоҥхону тылбаастаабыт Жак Карро кэлэ сылдьыбыта. Онно мин кинини кытта французтуу кэпсэтэн турабын. Омук тылыгар олимпиадаларга эҥин миэстэлэһэрим. Франция ыалдьыта наһаа сөхпүтэ уонна миэхэ путевка биэрэллэригэр эппитэ. Мин олох барардыы тэринэн сырыттахпына, быраастар хамыыһыйалара эпилепсиябыттан сылтаан кыккыраччы аккаастаабыттара. Мин оннубар атын оҕону ыыппыттара…” – бу курдук олоҕун кэрчиктэрин туһунан саха тэлэбиидэнньэтин чаҕылхай сулуһа Георгий Белоусовы кытта “Итии чэй” балаһаҕа кэпсэтиибитин ааҕыҥ.
Алтынньы 9 күнэ – Буоста аан дойдутааҕы күнэ. Онно сөп түбэһиннэрэн, Саха сирин хоту оройуоннарыгар буосталар хайдах үлэлээн, дьаһанан олороллорун туоһуластыбыт. Киһи болҕомтотун тардар матырыйаалы суруналыыс Женни Стрюкова бэчээккэ бэлэмнээтэ.
Соторутааҕыта киин куоракка Урбаан пуорумун чэрчитинэн «Улахан дьиэ кэргэн дьоҕус биисинэһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак куонкуруһа буолан ааспыта. Суолталаах тэрээһиҥҥэ элбэх оҕолоох 20-тэн тахса ыал кыттыыны ылбыта. Кыттааччылар урбаан араас көрүҥнэригэр үлэлииллэр. Ол курдук, атыыга-эргиэҥҥэ, сынньалаҥ баазатын тэриниигэ уо.д.а. хайысхаларга сайаапкаларын биэрбиттэр. Дьүүллүүр сүбэ үс оҕолоох Дьокуускай куорат олохтоохторо Мария уонна Александр Степановтар спортивнай оскуоланы аһан үлэлэтэн эрэллэрин биһирээн, 100 тыһыынча солкуобай бирииһи туттарбыта. Бүгүн “Саха сирэ” хаһыат “Саха ыала” сыһыарыытыгар ыалдьыттыыр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн туллар тутааҕа, дьоллоох ыал ийэтэ Мария Степанова.
“Күһүҥҥү тымныы, саппарах ардахтаах күн Дьокуускайтан 3,5 көс тэйиччи сытар Капитоновкаҕа баар кырдьаҕастар, инбэлииттэр дьиэлэригэр айаннаатым. Мыраан тэллэҕэр, бэрт бүччүм сиргэ дьоҕус чосуобуна, хонтуора, икки этээстээх уһун дьиэлэр тураллар. Бу икки куорпуска кырдьаҕастар олороллор, эмтэнэллэр. Мин манна кэлэн, кэпсэтэн баран, туох үчүгэйи булан көрдүм? 2020 сылтан саҕалаан анал үлэ ыытан, 22 киһини аймахтарыгар, дьиэлэригэр төнүннэрбиттэр. Психологтар, социальнай үлэһиттэр бу дьон аймахтарын булан, сылы быһа кэпсэтиини ыытан, көрүһүннэрэн, биир тылы булларан, улахан үлэни ыыталлар” диэн суруйар “Саха ыала” сыһыарыыга Ангелина Васильева. Салгыы суруналыыс өссө бэрт кэрэхсэбиллээх холобурдары аҕаларын хайаан да ааҕыҥ.
“Ыраах хоту улууска олорор дьүөгэм сотору күөх рейс кэлиэхтээҕин туһунан суруйбута. Аны ол күн үлэтиттэн хойут бүтэн дьаабылыкаттан, хортуоппуйтан матан хомойон дьиэтигэр тиийбитэ, арай кэргэнэ уһун унньуктаах уочаракка туран оҕуруот аһа, фрукта арааһын ылбытын үөрэн суруйбутун өрүү саныыбын. Киин сиртэн ыраах олорор хоту оройуоннар олохтоохторугар сылга иккитэ “күөх рейс” буолан тиийэр оҕуруот аһа, фрукта олус күндү. Билигин бу балаһыанньа хайдаҕый? Ыраах тайаан сытар хоту улуустарыгар “күөх рейстэр” бырааһынньыкка тэҥнээхтэрин туһунан суруналыыс Ульяна Захарова ырытыыта болҕомтону тардыаҕа.
“Көстөрүн курдук, алтынньыга тымныы түспэт, ичигэс күн элбэх. Онон күһүн өссө да уһуур, быйыл да сүөһү идэһэтэ хойуутуур чинчилээх. Онон сүөһү хотоҥҥо киирэрэ өссө да ыраах” диэн этэн туран, норуот синоптига Тускул бүгүҥҥү хаһыакка улуустарынан халлаан туругун ырытыытын ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: