Бүгүҥҥүнэн орто үөрэххэ докумуону тутан бүтэллэр

Share

Орто үөрэххэ докумуону тутуу бүгүҥҥүнэн, атырдьах ыйын 15 күнүнэн түмүктэннэ. Ый бүтүүтэ түмүк таһаарыахтара. Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан барыта 18 тыһ. тахса сайабылыанньа киирбит.

Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, 2024 сыл олунньу 22 күнүнээҕи СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, орто анал үөрэххэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар 6712 миэстэ көрүллүбүт.

“Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан үөрэххэ туттарсааччылартан барыта 18 тыһ. тахса сайабылыанньа киирдэ.

Үлэ ырыынагар ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн, каадыры бэлэмнээһин тутулун таҥар соруктаах эрэгийиэҥҥэ түөрт саҥа исписээлинэс аһылынна:    09.02.08 интеллектуальнай интегрированнай систиэмэлэр, 15.02.18 роботизированнай оҥорон таһаарыыны тиэхиньиическэй өттүнэн туһаныы уонна хааччыйыы (салааларынан), 15.02.17 бырамыысыланнай тэрили таҥыы, тиэхиньиическэй өттүнэн хааччыйыы, үлэлэтии уонна өрөмүөннээһин (салааларынан), 15.02.03 гидравлическай уонна пневматическай тэрили таҥыы, тиэхиньиическэй өттүнэн хааччыйыы уонна өрөмүөннээһин (салааларынан).

Быйыл абитуриеннар информационнай технологиялар (биирдии миэстэҕэ 12 киһи), мэдиссиинэ (биир миэстэҕэ 10 киһи) уонна педагогика (биир миэстэҕэ 8 киһи) хайысхаларын ордук сэҥээрэллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ ырыынагар ирдэнэр кэскиллээх орто уонна үрдүк үөрэҕи ирдиир идэлэри, исписээлинэстэри, бэлэмнэнии хайысхаларын испииһэгиттэн үрдүк куонкурус «информационнай систиэмэ уонна бырагыраамалааһын», «эмчит дьыалата», «сиэстэрэ дьыалата”, «оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин» уо.д.а. хайысхаларга бэлиэтэнэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан төлөбүргэ 2024 сылга үөрэххэ киирэр элбэх оҕолоох ыал оҕолоро хапсыахтарын сөп” – диэн министиэристибэҕэ хоруйдаатылар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ орто үөрэххэ докумуону тутуу бүгүҥҥүнэн, атырдьах ыйын 15 күнүнэн түмүктэннэ. Ол эрээри, миэстэ баар түгэнигэр сэтинньигэ диэри ылааччылар.

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Петр Иванов: “Сүрүн сорук – эрэллээхтик уотунан хааччыйыы”

Энэргиэтиктэр күннэринэн быйыл тэриллибиттэрэ 60 сылын туолбут “Якутскэнерго” ПАУо  Киин элэктэриичэскэй ситимнэрин салайааччыта Петр Гаврильевич…

25 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

40 минут ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

2 часа ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago