Бүгүҥҥүттэн Амма улууһугар СӨ ситэриилээх былааһын уорганын отчуота саҕаланна

Share

Бүгүҥҥүттэн, олунньу 14 күнүттэн, Амма улууһугар СӨ ситэриилээх былааһын уорганын отчуота саҕаланна. Бастакы бөлөҕү Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйаачы Сергей Местников салайар. Бөлөх бастакы күн Өнньүөс, Болугур, Покровка сэлиэнньэлэригэр сылдьар. Үөрэх миниистирэ Нюргуна Соколова салайар бөлөҕө Алтан, Эмис нэһилиэктэригэр отчуоттуур.

Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ
Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ
Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ
Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ

Отчуоту Амма-Наахара нэһилиэгиттэн саҕалаатылар. Сергей Местников кылгастык ааспыт сыллааҕы СӨ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан билиһиннэрдэ. Манна кини: дьиэ кэргэн уонна демография, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар көмөлөһүү, үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга, култуура эйгэтин уонна айар кыаҕы олоххо киллэрии усулуобуйатын тэрийии, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, о.д.а. киллэрэн туран кэпсээтэ.

Өнньүөс нэһилиэгин дьонун сүрүннээн Амма өрүһү, айылҕатын харыстааһын боппуруоһа долгутар эбит. Тустаах боппуруоһу хаста даҕаны лаппыйан ыйыттылар, инникитин хайдах буолуон туоһуластылар. Ону тэҥэ, сытар балыыһа, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, саҥа кулууп, оскуола түмэлин өрөмүөнүн, оҕо ааҕыытын көҕүлээһини туруорустулар, бэйдиэ сылдьар ыттар боппуруостарын, о.д.а. ыйыталастылар. Манна барытыгар оробуочай бөлөх үлэһиттэрэ сиһилии хоруйдары биэрдилэр, быһаардылар.

Түмүккэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников отчуокка маннык толору сааланы көрбөтөх ыраатта диэн бэлиэтээтэ. Туруорсууларгыт, этиилэргит оруннаахтар диэн эттэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

9 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

35 минут ago
  • Бэрээдэк

Бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатыгар кирэдьиит оҥотторбута биллибит

Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар туһунан кэпсэтии буолуоҕа

СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…

1 час ago