Аҕам уонна орто саастаах дьон үчүгэйдиир буолуохтаах — саҥа кинигэ, сурунаал, оннооҕор хаһыат кэлиитэ тыа сиригэр улахан бырааһынньыкка тэҥнээҕэ.
Ааспыт үйэ бастакы аҥарыттан үөрэхтэнэн барбыт саха дьоно урут олоҥхоһуту, сээркээн сэһэнньити истэрин оннугар аны ааҕыынан умсугуйан барбыта. Ол иһин 1960-с сыллартан ыла сахалыы кинигэ, сурунаал, хаһыат тираһа үлүннэриилээх тиэстэ курдук үксээбитэ. Бу ситиһии туһунан норуот суруйааччыта Софрон Данилов биир бэлиэтээһинигэр «Хотугу сулус» сурунаал тираһын истэн Волга тардыытыгар олохтоох омук киһитэ оччолорго 300 тыһыынчалаах сахалары кырата үс мөлүйүөннээх омук курдук ааҕар эбиккит диэн сөхпүтүн биллэрбитин ахтар.
Күн бүгүн ол ааҕар үгэспит аныгы кэм тыыныгар оҕустаран сөҕүрүйэ быһыытыйда. Ол эрээри күн бүгүн ол үтүө үгэһи өрө туппут ыаллар аҕыйаҕа суохтар. Кинилэри өйүүр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар уонна ааҕыыны сөргүтэр сыаллаах сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ саҥа улахан бырайыагы тэрийдэ.
Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылларынан, бүгүн, кулун тутар 4 күнүттэн дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» бастакы түһүмэҕэ саха литературатын биһигэ буолбут талба Таатта сириттэн саҕалыыр. Ол курдук, улахан оонньуу кулун тутар 5 күнүгэр Чурапчыга, кулун тутар 6 күнүгэр Аммаҕа, кулун тутар 7 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар ыытыллыахтара. Онтон кулун тутар 12-15 күннэригэр Сунтаарга, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, кулун тутар 18-22 күннэригэр Уус Алдаҥҥа, Намҥа, Горнайга, Хаҥаласка уонна Дьокуускайга ыытыллыаҕа.
Оонньууга орто уонна үрдүкү кылаастарга үөрэнэр оҕолор төрөппүттэрин уонна эбэлэрин, эһэлэрин кытта, ол эбэтэр үс көлүөнэ араас кэрдиис кэмҥэ суруллубут айымньылары, суруйааччылар олохторун билиигэ тургутуһуохтара. Маны таһынан сурунаал ааҕааччылары кытта көрсүһүүлэри ыытыаҕа.
Улууска кыайбыт хамаанда өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттыаҕа. Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх кэнниттэн, түөрт бастыҥ хамаанда «Саха» НКИХ ханаалыгар кылаан оонньууга тургутуһуохтара. Ол түмүгэр бастаабыт хамаанда Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа. Күрэс хаамыыта сонуну киэҥник тарҕатар ньымалар нөҥүө киэҥник сырдатыллыаҕа.
СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин, «Сахабэчээт» СӨ судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтин өйөбүллэринэн ыытыллар оонньуу партнердарынан «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэр хампаанньа уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ буолаллар.
Духуобунай сайдыыга кылаатын киллэрэр «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньууга» кыралыын-улаханныын көхтөөхтүк кыттыҥ, дьиэ кэргэнинэн биир тыыҥҥа киирэн бэйэ-бэйэҕитигэр умнуллубат түгэннэри бэлэхтээҥ!
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…