Салгыы
Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга бассейннаах, хаҥкылыыр сирдээх саҥа спортивнай комплекс үлэлээтэ

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга бассейннаах, хаҥкылыыр сирдээх саҥа спортивнай комплекс үлэлээтэ

Ааптар:
01.02.2023, 15:11
Спортивнай комплекс. СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат Марха түөлбэтигэр олунньу 1 күнүттэн бассейннаах уонна сабыылаах хаҥкылыыр сирдээх эти-хааны эрчийэр, чэбдигирдэр саҥа комплекс аһылынна.  

Төһө харчыга хатааһылыахха, харбыахха сөбүн, кимнээххэ чэпчэтии көрүллэрин СИА кэрэспэдьиэнэ туоһуласта. Саҥа тутуу искусственнай муустаах хаҥкылыыр сирдээх, 25 миэтэрэлээх бассейннаах, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах кыра бассейннаах уонна кураанахтыы харбыыр (сухой бассейн) саалалаах. Спортивнай комплекс  Гагаринскай уокурук, Марха, Жатай, Маҕан түөлбэлэрин олохтоохторугар бэрт табыгастаах сиргэ турар.

“Биэнсийэлээх дьоҥҥо, устудьуоннарга, элбэх оҕолоох ыалга 50 % чэпчэтии көрүллэр. Тулаайах оҕолор уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор, биэстэн элбэх оҕолоох ыал, 1-кы уонна 2-с бөлөхтөөх инбэлииттэр комплекска босхо сылдьыахтарын сөп. Ону тэҥэ “Саха сирин каартата” үлэлиир. Барыларын успуорт аныгы комплексыгар ыҥырабыт. Быйыл физкультурнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиибит”, — диэн дириэктэр Петр Черкашин этэр. Сотору кэминэн сиэксийэлэргэ суруйтарыы саҕаланыаҕа. Күн бүгүн тириэньэрдэри үлэҕэ ылаллар.

Биир чаас хаҥкылааһын оҕолорго 180 солк., улахан дьоҥҥо 280 солк. Хаҥкыны уларсыы оҕолорго – 130 солк., улахан дьоҥҥо – 230 солк. Бэйэ хаҥкылаах кэлиэххэ сөп.

45 мүн. устата бассейҥҥа харбааһын үлэ күнүттэн тутулуктанан оҕолорго 150-200 солк., улахан дьоҥҥо – 250-400 солк.

Оҕолорго абонемент – 1200-4000 солк., улахан дьоҥҥо – 2400-3500 солк. 14 диэри саастаах оҕолортон мэдиссиинэ ыспыраапката ирдэнэр. Сиһилии манна ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: