Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолла

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолла

Ааптар:
01.11.2024, 09:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар.

Бу туһунан «ЛенаВодСервис»  хампаанньа салайааччыта Борис Строев иһитиннэрдэ.

«Өлүөнэ эбэҕэ балаһыанньа тубуста. Салгын олбохтоох суудуналар аэроботтарга көһөрүүтэ суох сылдьыахтара. Айан суол 2-3 км уһуннаах, арыылары тумнуохпут. Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри сырыы муҥутаан 30 мүнүүтэ буолар. Күн аайы сыарсарда 07:00 чаастан 18:00 чааска диэри үлэлиибит», — диэн Борис Строев иһитиннэрдэ.

Барыта 25 суудуна үлэлиир. Салгын олбохтоох суудуналар Дьокуускайтан 204-с түөлбэттэн «Намыв» причалтан сылдьаллар.

Санаттахха, бу иннинэ салгын олбохтоох суудуналарынан  пассажирдары таһыы 5000 солк. этэ.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: