Бүгүҥҥүттэн “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ саҕаланна

Share

Бүгүҥҥүттэн академик В.П.Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ саҕаланна. Быйылгы тэрээһиҥҥэ 44 сиэксийэнэн барыта 1610 оҕо бэйэтин бырайыагын көмүскүүр. Кинилэр үлэлэрин 344 эспиэр – учуонай, преподаватель, аспирант, магистрант сыаналыаҕа.

Быйылгы үлэлэри бэйэтинэн көрө тиийбит, кэмпириэнсийэ аһыллыытыгар кыттыбыт Ил Дархан Айсен Николаев: “Бу кэмпириэнсийэ – билим чинчийиитин көннөрү былаһаакката эрэ буолбатах. Бу – Саха сирин уонна Арассыыйа билимин, технологиятын инники лидердэрэ үүнэр сирдэрэ. Кэмпириэнсийэ 29 сыл устата өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэнээччилэрин түмэр. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев өйөбүлүнэн кэмпириэснийэ саҥа технологиялары, бырайыактары тэрийиигэ суолталаах платформаҕа кубулуйда”, — диэн эттэ.

Нам улууһун гимназиятын 5-с “А” кылааһын үөрэнээччитэ Кира Габышева “Перевод старинных мер длины народа саха (на примере героического эпоса — Олонхо)” диэн тиэмэлээх үлэни көмүскүүр.

Бэйэтин холугар бэрт чобуо саҥалаах буолан биэрдэ. Бэлэмнэммитинэн нууччалыы буолбакка, ыйытыыларбар хоп курдук сахалыы тылынан хоруйдаата. Бу үлэтигэр билим, устуоруйа кэккэ литэрэтиирэлэрин туһаммыт, “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр”, “Көтөр Мулгун”, “Эрчимэн Бэргэн”, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхолору кытта билсибит.

— Устаны быһаарар барыта 27 кээмэйи буллубут, итинтэн 12 устаны киһи этин чааһынан мээрэйдэнэр, түөрдэ улахан устаны кээмэйдэнэр. Киһи этин чааһынан мээрэйдэнэр усталарга аҕам көмө буолбута.

Бастакы холобур: “Тоҕус саһаан усталаах, аҕыс саһаан туоралаах, маанылаах бастыҥ мас малтаар балаҕаны тутта охсон кэбиспиттэр эбит”. Балаҕан устата, туората төһөнүй? Иэнин бул. Быһаарыы: саһаан 2013 см. тэҥнэһэр. а=213х9=1917 см, b=213х8=1704 см. S=1917см х 1704 см=3266568 см.кв.=326,6568м.кв.

Бу үлэбин ааспыт сылтан саҕалаан чинчийэн эрэбин. Салайааччыларым – математика учуутала С.И. Москвитина, педагогика билимин хндьыдаата, Математика, информатика институтун дассыана М.Д.Дьячковская. Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ кэнниттэн салгыы “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхону олоччу билиэхпин баҕарабын, — диэн кэпсиир.

Эдэр чинчийээччи эмиэ ити курдук Сээркээн Сэһэн оҕонньор хас харыс бытыктааҕын, хас күннүк сиртэн ыла хаар чарааһаан барбытын олоҥхоттон ылан холобурдаан көрдөрөр. Саамай сүрүнэ бу уста кээмэйдэрин барытын бэйэтэ үөрэппит. Аны атыттарга туһалаах буоларын, быраактыкаҕа туһанылларын туһугар үөрэнээччилэргэ аналлаах ыйынньык таһаарбыттар. Аныгы кэмҥэ оҕолор буолуохтарынааҕар, улахан дьон бэйэбит даҕаны сахалыы уста кээмэйдэрин бутуйарбыт, билбэппит баар суол.

Кира бу иннинэ билим-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр макулатураттан араас аккырыыккалары, кумааҕылары оҥорон таһааран улуус иһинээҕи кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыт.

Оттон Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Сарыал Софронов “Пиролизный газ из отходов – альтернативное топливо будущего” диэн тиэмэлээх үлэлээх. Судургутук быһаардахха, бэс, тиит мас сыыстарыттан уматыгы солбуйар гааһы ылыы. Кини маны М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет автодорожнай бакылтыатыгар тиийэн эспэримиэннээн көрбүт. “Оччотугар билигин маны тоҕо туһамматтарый?” – диэн ыйытыыбар –  саҥа чинчийиллэн эрэр диэн хоруйдуур. Оҕолор бу курдук чинчийиилэрэ олоххо киирэр, күннэтэ туһаныллар. Онон хаһан эмэ бүгүҥҥүбүт курдук уматык сыаната үрдээтэ, экологиябытын киртитэр диэн долгутар ыйытыыларбыт тохтууллар ини диэн эрэллээхпит.

Ити курдук, “Өрөгөй” успуорт комплекска бүгүн оҕолор араас тиэмэҕэ үлэлэрин көмүскээри ох курдук оҥостон кэлбиттэр.  Манна хаары эниэргийэ быһыытынан туһаныы, технологичпескай суол быылын ыраастыыр технология, тетрапакет тулалыыр эйгэҕэ дьайыыта, тэтиҥи норуот мэдиссиинэтигэр туһаныы, дьэдьэни сылы эргиччи олордуу, оҕолору сколиозтан сэрэтии, о.д.а. суолталаах үлэлэр бааллар.

Хаартыска: Людмила Попова.
Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: тохсунньу 10-17 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп тугу этэр эбитий? Сулустар тугу сипсийэллэр. Хой Саҥа сылга элбэх саҥа былааннардаах үктэммиккин. Барытын…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сиригэр аан-даам тымныы уҕарыыр

Саха сирин кэккэ оройуоннарынан уонна киин куоракка аан-даам тымныы уҕарыыр. Хонон турдах ахсын халлаан сылыйан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Таайтарыылаах Таҥха Хаан ыйыгар

Саха дьоно былыргыттан күнү-дьылы билгэлээн, халлаан туругунан сирдэтинэн олороллор. Эһиилги дьыл өҥүн, кураанын эндэппэккэ быһаараллара.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күммүт төһө уһаата?

Быйыл ураты сылаас дьыл буолла. Саҥа дьыл саҕана уонча күн эрэ тымныйбыта. Билигин тумана суох…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Эбээн Бытантайга саха ынахтара төрөөтүлэр

Улуустарга ынахтар төрөөн эрэллэр. Эбээн Бытантай улууһугар эмиэ маҥнайгы ньирэйдэр күн сирин көрдүлэр. -- Билиҥҥи…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

370-тан тахса киһи социальнай реабилитацияны ааспыт

Ааспыт икки сыл устатыгар байыаннай дьайыыга кыттыбыт дьон 379 дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ, ол иһигэр 227…

12 часов ago