Бүгүҥҥүттэн көҥүлү ылыахха сөп
Кусчуттар кэтэһиилээх кэмнэрэ чугаһаан эрэрэ билиннэ. Ол курдук, бүгүҥҥүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин бары сирдээҕи-уоттааҕы салааларыгар уу көтөрүн бултааһыҥҥа көҥүлү биэрии саҕаланна.
Бултуурга көҥүлү ылыыга СӨ экологияҕа министиэристибэтин сирдээҕи-уоттааҕы салааларын, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөргө https://e-yakutia.ru/#/functions/1400000000160203292 эрэгийиэннээҕи портал, “Мои документы” судаарыстыбаннай уонна муниципальнай элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө ылыаххытын сөп.
Дьокуускай куоракка маннык аадырыстан ылаҕыт: Дьокуускай к., 202 мкр., 18/2 куорпус, 2 этээс (Дьокуускайдааҕы экологияны судаарыстыбаннай кэтээн көрүүгэ кэмитиэтэ).
— Судаарыстыбаннай өҥөлөргө эрэгийиэннээҕи порталынан (е-якутия) көҥүлү ылар быдан табыгастаах. Сайабылыанньа ыытан баран, күҥҥүн-бириэмэҕин талан кэлэҕин, уочаракка турбаккын, — диир тустаах министиэристибэ Булду уонна булт баайын харыстааһыҥҥа департаменын кылаабынай исписэлииһэ Лера Евсеева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: