Бүгүҥҥүттэн саас уһуктар кэмэ
Сылы түөрт кэрчик кэмҥэ араарабыт. Ыам ыйа сааскы кэмҥэ киирсэр. Бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 4 күнүттэн саас уһуктар, бу ыам ыйын 21 күнүгэр диэри салҕанар (барыта 16 күн).
“Саха төрүт култуурата” кинигэҕэ сурулларынан, сааскы кэм барыта 78 күҥҥэ, түөрт кэрдиискэ арахсар:
- Ылаанньыйыыта – 29 күн. Кулун тутар 17 күнүттэн муус устар 13 күнүгэр диэри.
- Хаар ууллуута – 21 күн. Муус устар 14 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри.
- Саас уһуктуута – ыам ыйын 4-21 күннэрэ, барыта 16 күн.
- Саас ситиитэ – 12 күн. Ыам ыйын 12 күнүттэн бэс ыйын 3 күнүгэр диэри.
Ыам ыйа Айыыһыт түһэр кэминэн биллэр. Халлаан сылыйан, икки атахтаах таһырдьа сылдьара, айылҕалыын алтыһара үксүүр, араас туомнары толорор. Бу кэмҥэ сыһыаннаах билгэлэри ылан көрүөххэ.
— Саас ньургуһун хойуутук үүннэҕинэ, от өлгөм буолар,
— Бастакы алтан от умнаһын сүмэһинэ элбэх буоллаҕына, сайын ынах үүтэ элбиир,
— Сааскы Ньукуола 2-3 хонук иннинэ кэҕэ эттэҕинэ, өлгөм үүнүүлээх үчүгэй сайын саҕаланар,
— Саас эһэ арҕаҕыттан эрдэ таҕыстаҕына, дьыл эрдэ кэлэр,
— Ыам ыйын 13 күнүгэр — киэһэлик ичигэс, уу чуумпу, сулустаах түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайыны күүт,
— Ыам ыйын 14 күнүгэр – үчүгэй күн буоллаҕына, күһүнэ өлгөм үүнүүлээх, хаҕыс күн буоллаҕына – кыһына тымныы,
— Ыам ыйын 28 күнэ – сылаас буоллаҕына, сайыны быһа сылаас буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: