Бүгүҥҥүттэн Саха сиригэр дьэдьэн уонна сугун хомуура саҕаланар

Саха сиригэр сир аһын маассабайдык хомуйуу болдьоҕо бигэргэннэ. Ол курдук, от ыйын 10 күнүттэн хас да улууска дьэдьэни уонна сугуну хомуйуохха сөп буолар, диэн Экология уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
От ыйын 5 күнүттэн тураах сугунун хомуйуута саҕаланар. Онтон салгыы дьэдьэн уонна сугун ситэллэр, ону от ыйын 10 күнүттэн хомуйарга көҥүллэнэр.
От ыйын 20-с чыыһылаттан биэ эмиийин хомуйуута саҕаланыа.
Атырдьах ыйын саҥатыгар хара отону, уохтаны, моонньоҕону хомуйуохха сөп.
Киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар отон хомуура атырдьах ыйын 25 күнүттэн саҕаланыа, оттон хоту улуустарга атырдьах ыйын бүтүүтэ ситиэҕэ.
Кедр эриэхэтин алдьаппакка-кээрэппэккэ атырдьах ыйын 25 күнүттэн хомуйуохха сөп, сорох улуустарга – балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланыа.
«Олохтоммут болдьоххо сир аһын бэйэ наадыйыыга эрэ хомуйар көҥүллэнэр. Тыа баайын атыы-эргиэн сыалыгар-соругар хомуйарга сокуонунан тустаах дуогабары түһэрсиэххэ наада. Дьон тыаҕа көҥүл сылдьан, тыа аһын мэһэйэ суох хомуйуохтарын сөп, ол иһигэр арендалаабыт тыа пуондатын учаастактарыгар эмиэ», — диэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр.
Маны таһынан, биэдэмистибэҕэ баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр тыаҕа кутаа уоту оттор бобулларын санаттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: