Бүгүҥҥүттэн Саха сиригэр дьэдьэн уонна сугун хомуура саҕаланар

Share

Саха сиригэр сир аһын маассабайдык хомуйуу болдьоҕо бигэргэннэ. Ол курдук, от ыйын 10 күнүттэн хас да улууска дьэдьэни уонна сугуну хомуйуохха сөп буолар, диэн Экология уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

От ыйын 5 күнүттэн тураах сугунун хомуйуута саҕаланар. Онтон салгыы дьэдьэн уонна сугун ситэллэр, ону от ыйын 10 күнүттэн хомуйарга көҥүллэнэр.

От ыйын 20-с чыыһылаттан биэ эмиийин хомуйуута саҕаланыа.

Атырдьах ыйын саҥатыгар  хара отону, уохтаны, моонньоҕону хомуйуохха сөп.

Киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар отон хомуура атырдьах ыйын 25 күнүттэн саҕаланыа, оттон хоту улуустарга атырдьах ыйын бүтүүтэ ситиэҕэ.

Кедр эриэхэтин алдьаппакка-кээрэппэккэ атырдьах ыйын 25 күнүттэн хомуйуохха сөп, сорох улуустарга – балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланыа.

«Олохтоммут болдьоххо сир аһын бэйэ наадыйыыга эрэ хомуйар көҥүллэнэр. Тыа баайын атыы-эргиэн сыалыгар-соругар хомуйарга сокуонунан тустаах дуогабары түһэрсиэххэ наада. Дьон тыаҕа көҥүл сылдьан, тыа аһын мэһэйэ суох хомуйуохтарын сөп, ол иһигэр арендалаабыт тыа пуондатын учаастактарыгар эмиэ», — диэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр.

Маны таһынан, биэдэмистибэҕэ баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр тыаҕа кутаа уоту оттор бобулларын санаттылар.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киһини өлүүгэ тиэрдибиттэр

2025 сыл алтынньы 10 күнүгэр холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ Дьокуускайга Мархаҕа дьиэни ньэҥньийбиттэр. Суһал-көрдүүр тэрээһининэн дьиэлээх…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СВО бэтэрээнэ миэбэл оҥорор

Саха сиригэр байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ урбаанынан дьарыктаналлар. Ол курдук, биир оннук холобурунан Михаил Павлов арыйбыт…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Пицца тиэстэтин сөпкө оҥоруохха

Пиццаны дьиэҕэ да оҥоруохха сөп, ол эрээри, үксүгэр тиэстэтин сатаабаппыт. Дьэ, итальянскай шеф-повар ырысыабынан оҥорон…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бибилэтиэкэ уруога биһирэннэ

Уус Алдан улууһугар Өспөххө оскуола үөрэнээччилэригэр соторутааҕыта бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр оҕолорго…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо? Күн аайы 20 мүнүүтэ хаамар буоллаххына…

Маны билэҕин дуо? Суруйалларынан, киһи олоҕун тухары сүрэх 3 млрд 300 мөл төгүл тэбэр эбит.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кабинаҕа кыбыллыбыт суоппары быыһаатылар

Нерюнгри оройуонугар быыһааччылар суол быһылааныгар эмсэҕэлээбит киһиэхэ көмөлөстүлэр. Бүгүн, олунньу 6 күнүгэр, 06 ч. 30…

3 часа ago