Салгыы
Бүгүҥҥүттэн Саталга оптуобус сылдьар буолла

Бүгүҥҥүттэн Саталга оптуобус сылдьар буолла

31.08.2023, 09:57
Хаартыска: видеоттан скриншот.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат Сатал түөлбэтигэр бүгүн сарсыардаттан оптуобус сырыыта саҕаланна. Олохтоохтор дьэ абыраныыһылар.

Бүгүн, атырдьах ыйын 31 күнүн сарсыардатыттан Дьокуускай – Сатал СОНТ хайысханан 106-с нүөмэрдээх оптуобус сырыыта саҕаланна. Айан төлөбүрэ 78 солк.

Оптуобус Саталтан маннык хайысханан барар: (Сатал) Севастьяновская уул. – Намныыр тракт – Мархинскай уул. – Олег Кошевой уул. — Маҕанныыр тракт – Можайскай уул. – Октябрь 50 сыла автострада – Дзержинскэй уул. – Поярков уул. (Автовокзалга тиһэх тохтобул).

Төттөрү кэлэр сырыыта: (Автовокзал) Поярков уул. – Октябрьскай уул. – Ломоносов уул. – Петровскай уул. – Ойуунускай уул. Поярков уул. – Дзержинскэй уул. – Октябрь 50 сыла автострада – Можайскай уул. – Маҕанныыр тракт – Олег Кошевой уул. – Мархинскай уул. – Намныыр тракт – Севастьяновская уул. (Сатал тиһэх тохтобул).

Оптуобус сырыытын бириэмэтэ

Дьокуускайтан араҕыыта: 8-00, 11-00, 13-00, 16-00, 19-00.

Саталтан араҕыыта: 7-00, 9-00, 12-00, 14-00, 17-00, 20-00.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: