Бүгүҥҥүттэн Үөһээ Бүлүү — Хоро хайысханан кыһыҥҥы суол аһылынна
Мууһу халыҥатар үлэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ, алтынньы 28 күнүттэн саҕаламмытынан сибээстээн, өрүс суола эмиэ анал кыраапыгыттан эрдэ арыллар буолла.
Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай тэриллиитин баһылыга Валерий Николаев бэҕэһээ, сэтинньи 11 күнүгэр, «Үөһээ Бүлүү — Хоро (Кэлтэгэй Чаллыр учаастага)» кыһыҥҥы суолу аһар туһунан 601-р №-дээх дьаһалга илии баттаата.
«Бүлүү өрүс кыһыҥҥы суола сэтинньи 12 күнүттэн, сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга арыллар. Бүгүн миэстэтигэр тахсан муус халыҥын Суол-иис пуондатын, ОАЗИС, ГИБДД, «ГИМС МЧС России по РС(Я)»быыһыыр сулууспа исписэлиистэрэ бэрибиэркэлээтилэр. Муус халыҥа бүгүҥҥү туругунан 32-45 см тэҥнэспит.
Сарсыҥҥыттан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга өрүс суола арыллара бигэргэннэ, — диэн суруйда бэйэтин телеграмм ханаалыгар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: