Бүгүҥҥүттэн Үөһээ Бүлүү — Хоро хайысханан кыһыҥҥы суол аһылынна

Share

Мууһу халыҥатар үлэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ, алтынньы 28 күнүттэн саҕаламмытынан сибээстээн, өрүс суола эмиэ анал кыраапыгыттан эрдэ арыллар буолла.

Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай тэриллиитин баһылыга  Валерий Николаев бэҕэһээ, сэтинньи 11 күнүгэр, «Үөһээ Бүлүү — Хоро  (Кэлтэгэй Чаллыр учаастага)»  кыһыҥҥы суолу аһар туһунан 601-р №-дээх дьаһалга  илии баттаата.

«Бүлүү өрүс кыһыҥҥы суола сэтинньи 12 күнүттэн, сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга арыллар. Бүгүн миэстэтигэр тахсан муус халыҥын Суол-иис пуондатын, ОАЗИС, ГИБДД, «ГИМС МЧС России по РС(Я)»быыһыыр сулууспа  исписэлиистэрэ бэрибиэркэлээтилэр. Муус халыҥа бүгүҥҥү туругунан 32-45 см тэҥнэспит.

Сарсыҥҥыттан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга өрүс суола арыллара бигэргэннэ, — диэн суруйда бэйэтин телеграмм ханаалыгар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Аллайыаха улууһун Киин балыыһата аныгы тэриллэринэн хааччыллар

«Аллайыаха улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһата доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн саҥа тиэхиньикэлэринэн…

12 минут ago
  • Сонуннар

Арассыыйа бүддьүөтүн сокуонун барыла иккис ааҕыытын ааста

Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 14 күнүнээҕи мунньаҕар дьокутааттар дойдубут кэлэр сыллааҕы үбүн сүрүн сокуонун барылын иккис…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин бэрэбиэркэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 14  күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сунтаарга бизон төбөтүн уҥуоҕун буллулар

Бэҕэһээ Сунтаар нэһилиэгиттэн 6 км. турар Обоччолоох карьерыттан уолаттар былыргы бизон төбөтүн уҥуоҕун буллулар. [gallery…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка эдэр суоппар суол саахалын таһааран, икки киһи эчэйдэ

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр аҕыс буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга түөкүттэр силиэдэбэтэл…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга «Идэһэ» дьаарбаҥка саҕаланар

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 15 күнүттэн, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка "Идэһэ" дьаарбаҥка үлэтин саҕалыыр. Бу туһунан СӨ тыа…

2 часа ago