Салгыы
Бүгүҥҥүттэн үрдүкү кылаас оҕолоруттан “Мин бастакы идэм” бырайыакка сайаапканы ылан саҕалаатылар

Бүгүҥҥүттэн үрдүкү кылаас оҕолоруттан “Мин бастакы идэм” бырайыакка сайаапканы ылан саҕалаатылар

10.10.2024, 19:30
Хаартыска: ЦОПП.
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн, алтынньы 10 күнүттэн “Мин бастакы идэм” эрэгийиэннээҕи бырайыакка кыттарга үрдүкү кылаас оҕолоруттан сайаапканы ылан саҕалаатылар. Бырайыак көмөтүнэн оҕолор өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан босхо бастакы идэлэри ылыахтара.

Бырайыак иитинэн үөрэҕи ситиһиилээхтик ааспыттарын кэннэ 10-11 (12) кылаас оҕолоругар оробуочай идэ эбэтэр ыйыллыбыт холобурунан сулууспалаах дуоһунаһын сибэдиэтэлистибэтин туттарыахтара. Инньэ гынан, оҕолор өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан инники үлэлэригэр туһалыыр сатабылы, билиини иҥэриниэхтэрэ уонна салгыы үүнэллэригэр-сайдалларыгар суолу арыйыаҕа.

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ 22 үөрэҕин тэрилтэтэ тустаах бырайыагынан 40 бырагырааманан оскуола оҕолорун үөрэтиэхтэрэ. Манна графическай дизайн, бырагыраамалааһын, сыыппара ускуустубата (анимация уонна комикс), иһэрдии дьыалата, сити-фермер, сыыппара куратора, БАС оператора, мэдиссиинэ алын сиэстэрэтэ, оонньууну уонна төлөпүөн сыһыарыытын оҥорооччу, быыһааччы, уо.д.а. бырагыраамалар киирэллэр. Дьарыктар үөрэх  уонна кинилэри кытта бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэр баазаларыга олоҕурбут, олоҕурбут-тэйиччи уонна кэтэхтэн көрүҥнэринэн буолуохтара.

Билиҥҥитэ Саха сирин 20 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх пууннарга баар оскуолалар үөрэнээччилэрин ыҥыраллар.

Бырайыакка кыттарга сайаапканы ыытарга төрөппүттэр уонна оҕолор кылаас салайааччыларыгар тиийэллэрэ ирдэнэр. Сиһилии ыйыыны-кэрдиини бырайыак официальнай саайтыгар ааҕыҥ: mpp.copp14.ru.

Эбии иһитиннэриини бу ыйыллыбыт нүөмэринэн төлөпүөннээн ыйытыаххытын сөп: +7 (924) 172-05-06.

Бырайыак эрэгийиэннээҕи операторынан СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киинэ буолар, эрэгийиэннээҕи сүрүннээччи – СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: