Бүгүн, сарсын уонна өйүүн үгүс улуустарга тыалырыа, хаардыа
Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр уонна Халыма эргин хаардаабат диэн Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрэр.
Онтон атын сирдэргэ — Өлүөнэ алын тардыытыгар, күнүһүн соҕуруу уонна кииҥҥэ кыратык хаардыыр. Өлүөнэ алын тардыытыгар, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа диэки хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээхтик силлиэриэ. Салгын температурата түүнүн -22-27°С, арҕаа, хотугулуу-арҕаа -14-19°С, илин 31-36°С, күнүһүн -15-20°С, арҕаа уонна хотугулуу-арҕаа -10-15°С, илин -27-32°С кыраадыс буолар.
Арктика улуустарыгар уонна арҕаа кытылынан кыратык хаардыыр. Арҕааттан илин диэки сөкүүндэҕэ 9-14 м, арҕаа кытылынан сөкүүндэҕэ 19-24 м түргэннээхтик тыалырыа. Тиксии буухтатыгар сөкүүндэҕэ 25-30 м түргэннээхтик буурҕарыа. Салгын температурата түүнүн -16-21°С, илин -23-28°С, күнүһүн -13-18°С, илин -15-20°С тымныйыа.
Ахсынньы 1-2 күннэрэ
Саха сирин үгүс өттүгэр хаардыаҕа. Ахсынньы 1 күнүгэр соҕуруу, арҕаа, хотугулуу-илин сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээхтик тыалырыа, тибиилээх буолуо. Түүнүн хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытыгар сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээхтик тыалырыа. Анаабыр уонна Булуҥ улуустарыгар сөкүүндэҕэ 17-22 м түргэннээхтик буурҕарыа. Ахсынньы 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар түүнүн уонна күнүһүн -20-25°С, сорох сиринэн -25-30°С, хотугулуу-арҕаа -30-35°С, соҕуруулуу-арҕаа уонна соҕуруу -17-22°С, сорох сиринэн -12-17°С кыраадыс буолар.
Хотугулуу-илин түүнүн -30-35°С, Халыма-Индигиир улуустарыгар -35-40°С, күнүһүн -30-35°С, сорох сиринэн -20-25°С кыраадыс тымныйар. Ахсынньы 2 күнүгэр тымныйар уонна киин эргин -30-35°С кыраадыс буолуо. Түүнүн сорох сиринэн халыннаҕына, -35-40°С, хотугулуу-илин -40-45°С, соҕуруулуу-арҕаа уонна соҕуруу түүнүн уонна күнүһүн -25-30°С, сорох сиринэн -18-23°С, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа -29-34°С, түүнүн сорох сиринэн -34-39°С кыраадыс буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: