Быһа эпиир кэтэх өттүттэн
Быйылгы Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ уонна быһа эпиир бииргэ ыытыллыбыт буолан, суруналыыстар икки төгүл аҕыйахтар. Баҕар ол иһин буолуо, арыый бэрээдэктэммиттэр дуу диэн санаан ыллым. Уонтан тахса сыллааҕыта эмиэ бу Көстүүнэйгэ (Гостиный двор) өссө Саха НКИХ-ҕа үлэлии сылдьан кыттан турабын. Быйылгы тэрээһин уратыларын уонна ис бараанын билиһиннэриим.
Саха таҥаһа уонна телевидение
Хара маҥнайгыттан суруналыыстар хамсыкка анаалыс туттараҕыт диэн модьуйбуттара. Хата бэттээхэйдик тэринэн биэс мүнүүтэ иһигэр бэрт түргэнник дьыалабытын оҥотторон таҕыстыбыт. Уонтан тахса хоско тэҥинэн анаалыстары хомуйа олороллоро. Тэрээһиннэрин хайҕыа этибит даҕаны, сарсыныгар аны Көстүүнэйгэ киириигэ син балайда уочараттаатыбыт. Арыый түргэн буолуоҕун, били, бэҕэһээҥҥи түмүктэрбитин билээри, Роспотребнадзордар испииһэкпитин үөһээ-аллараа туталлар эбит. Анал хонтуруолга, хата, сахалыы таҥаспытыгар ымсыырдылар. Биһиги Саха НКИХ салайааччыта Олег Марков, Улусмедиа кылаабынай эрэдээктэрэ Юлия Филиппова эрдэттэн киксэн, сахалыы таҥнан тиийбиппит. Ыраахтан көстүмтүө буолаары. Чахчы даҕаны, киирэппитин кытта “Звезда”, “Известия”, “Матч” телеканал суруналыыстара саба сырсан кэлэн, интервью ыллылар, кэмэнтээрий хомуйдулар, тугу ыйытаары оҥосторбутун туоһуластылар. Биһиги сахалыы таҥаспытын Ыһыахха, улахан өрөгөй күннэргэ кэтэрбитин кэпсээтибит. «Бүгүн эмиэ бырааһынньык», — диэн Олег Олегович мүчүк гынар. Манна диэн эттэххэ, калмыктар эмиэ бэйэлэрин таҥастарын таҥныбыттар, татаар уола тюбетейкалаах, башкир түүлээх бэргэһэлээх. Модун Арассыыйа омуктар доҕордоһууларынан күүстээх диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Ким хайдах сатыырынан
Биллэн туран, сүрүн сорукпут – дойдубут аҕа баһылыгыттан бары ыйытык биэрээри илин-кэлин түсүһэбит. Бастатан туран, инники кэккэҕэ олбох былдьаһабыт. Син эрдэ кэлэн, сэттис эрээккэ үһүөн түһүнэн кэбистибит. Бэрэсидьиэн пресс-сэкэрээтэрин хаҥас илиитин туһаайыытынан ордук буолуо диэн былааннанныбыт, эрэх-турах сананныбыт.
Иккиһинэн, сурукпут-бичикпит ыраахтан көстүөхтээх этэ. Этэргэ дылы, хантан хааннахпытын Песков тута билиэхтээх. Быйыл улахан тэллэх саҕа плакаттары көҥүллээбэтэхтэрэ. Сорохтор кумааҕы хайытан онно суруйан муҥнаммыттар, сорох төлөпүөнүн экраныгар суруммут. Мин тэрилтэм, хаһыаттарым ааттарын өссө Дьокуускайтан илдьэ кэлбитим. Оттон Олег Олеговичка күн бэҕэһээ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ «Азия оҕолоро» диэн плакат туттарбыттара.
Үсүһүнэн, дьэ, ньоҕойдоһон, ардыгар хаһыытаан да ыйытыахтааххын. Хата, Олег, саха ньоҕой, суруналыыс диэх курдук, уутугар-хаарыгар киирэн, хаста да ойон тура сырытта, үөгүлээтэ. Ол эрэн, бэйэбит ыккардыгар кыл мүччү диибит, ыйытыкпыт атын дьоҥҥо халыйан хаалла. Абарбыт иһин хайыаҥый? Дьиҥэр, аан дойдуга, Арассыыйаҕа аатырбыт оонньуубутунан сылтанан, кэккэ атын боппуруоһу туруорсуохтаах этибит. Табыллыбыта буоллар, Бэрэсидьиэни аны сайын ыҥырыахтаах этибит. Сатаммата, ол да буоллар, санаабытын түһэрбэтибит. Олимпиадаҕа сүгүн-саҕын сырыттыннарбат кэмнэригэр, биһиги «Азия оҕолоро» оонньуубут дойдубутун өссө да ааттатыа, сахалары аатырдыа турдаҕа.
Иннибитигэр олорооччу серб кыыһа, улахан плакатын тэлимнэтэн, быыстала суох өрө уунан, телевидение үлэһиттэриттэн кыратык сэмэлэннэ. Кыыспыт кэлин тиһэҕэр букатын да кыһыл былаатын устан далбаатан барда. Песков киһи эрэ буоллар, киниэхэ ыйытыыны бэрдэрдэ.
Түмүккэ
Атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо, Саха сирин туруорсуулара барыта болҕомтоҕо сылдьаллар. Владимир Путин кэккэ быһаарыылара, дьаһаллара тахсыбыттара. Уһук Илиҥҥэ суох Кардиология кииннээхпит уонна Онкология киинэ үлэҕэ киирээри турар. Сыллата суол-иис, дьиэ-уот бөҕөтө тутуллар, оскуолалар, сабыс саҥа кулууптар, балыыһалалар дьэндэһэллэр. Бу кэннэ умнаһыт курдук хайдах илиибитин ууммутунан сылдьыахпытый? Оннооҕор буолуох эрэгийиэннэр кыһалҕаларын иһиттигит, биллигит-көрдүгүт ини. Былааннары олоххо киллэриэх, үлэлиэх, үлэлэтиэх тустаахпыт. Сиһилии пресс-кэмпириэнсийэ туһунан суруйуубун «Саха сирэ» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: