Быһа эпиир: Тутар этэрээттэр үлэлэрэ

Share

СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистирэ Петр Шамаев аһаҕас эпииргэ тахсан, эдэр ыччат уонна устудьуон этэрээттэрин үлэтин туһунан  кэпсээтэ. 

Петр Шамаев быйыл эдэр ыччакка аналлаах  ханнык бырайыактар ыытыллыбыттарын, хас киһи кыттыбытын, салҕыы ханнык тэрээһиннэр ыытыллалларын сырдатта.

Бэс ыйын 12 күнүгэр, Арассыыйа күнүгэр, устудьуоннар этэрээттэрэ үлэлэрэ саҕаламмыта. Уопсайа 2,5 тыһыынча  ыччат устудьуоннар этэрээттэригэр үлэлиэхтэрэ. Билиҥҥитэ тутуу этэрээттэригэр тыһыынчаттан тахса устудьуон суруттарда. Кинилэр  улуустарынан  арахсан үлэлиэхтэрэ.   Тыа хаһаайыстыбатын этэрээттэригэр быйыл 300 киһи киирбитэ. Итини  сэргэ  педагогическай этэрээттэргэ 200 устудьуон лааҕырдарга  баһаатайдыахтара.  Сервиснэй этэрээттэргэ суруттарбыт устудьуоннар,  Анапаҕа, Крымҥа, Сочига уо.д.а  куораттарга тиийэн икки ыйга дуогабардаһан үлэлии  барыахтара, — диэн миниистир эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.

Аһаҕас эпиир кэмигэр   “14-15 саастаах оҕону ханна, хайдах үлэҕэ биэриэххэ сөбүй?”  диэн ыйытыы киирбитигэр:

— Улууска олорор буоллаххытына, социальнай  көмһскэл салаатыгар эбэтэр эдэр ыччат салалтатыгар тиийэн ыйыталаһыаххытын сөп.  Дьокуускай куоракка  устудьуон этэрээттэригэр тиийэн  чопчулаһыҥ, — диэн  Петр Шамаев эттэ.

Диана Новгородова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

4 минуты ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

54 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

1 час ago