«Быһа эпииргэ» дьон кыттыыта көхтөөх
Бүгүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө ыытыллар Ил Дархан Айсен Николаевы кытта “Быһа эпииргэ” дьон кыттыыта көхтөөх.
Ол курдук, ыытааччылар Алена Шестакова уонна Олег Марков иһитиннэрбиттэринэн, бу чааска 900-тэн тахса боппуруос, этии киирдэ. Боппуруостары хайысхаларынан араардахха, бастакынан суол-иис өрөмүөнэ, айан муосталары саҥардыы, сөмөлүөт сырыыта, авиабилиэт сыаната; иккиһинэн, дьиэнэн хааччыллыы, ипотека, хаарбах дьиэттэн көһөрүү; үсүһүнэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ чэпчэтии, дьиэни-уоту саҥардыыга чэпчэтии; төрдүһүнэн, тулалыыр эйгэни, тиэргэннэри тупсарыы; бэсиһинэн, гаастааһын, ОДьКХ боппуруостара.
Ыйытыылар “Быһа эпииргэ” өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан киирдилэр. Ордук көхтөөхтүк бөдөҥ куораттар, Дьокуускай куорат олохтоохторо кыттыыны ылаллар.
— Бу боппуруостар – биһиги күннээҕи олохпут көстүүтэ. Туох ыйытыы киирэриттэн бүгүҥҥү олох хартыыната тахсан кэлэр. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ сыһыаннаах боппуруостар аҕыйаатылар. Соҕуруу улуустар былааска итэҕэйэр буолбуттарын туоһута – Ленскэйтэн, Мииринэйтэн, Нерюнгриттэн биир бастакынан боппуруостар киирбиттэрэ буолла. Бэҕэһээ Мииринэйгэ сырыым кэмигэр оройуон кыһалҕатын чугастык билсэн кэллим. Ити курдук, улуустарга баар уустук боппуруостары кэмигэр быһаара олоробут, — диэн санаатын үллэһиннэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Ил Дарханы кытта кэпсэтии Дьокуускай бириэмэтинэн куйаар ситиминэн “Саха” НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24», «Тэтим», «Радио России», «Виктория-Саха», «СТВ-радио» араадьыйа уонна Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн буола турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: