Быһа лииньийэ: Элбэх оҕолоох ийэ үлэнэн хааччылларыгар көмөлөстүлэр

Share

Бу саас Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирин кэмигэр Тааттаттан элбэх оҕолоох ийэ Нюргуяна Уранаева эрийэн кэлэн, өр кэмҥэ үлэ көрдүүрүн туһунан кэпсээбитэ итиэннэтуох көмө баарын ыйыппыта.

Дьахтар өр кэмҥэ үлэ булбакка сылдьыбыта. Ил Дархан быһа эпииригэр эрийэн тиийэн,  кини үлэтин боппуруоһун быһаартарбыт. Кини  «Женщина села. Время действовать» бырайыак иитинэн анал үөрэҕи ааһан,  социальнай үлэһит (сиделка) идэтин баһылаабыт.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Дьадайыыны утары охсуһуу туһунан таһаарбыт ыйааҕын чэрчитинэн, «Женщина села. Время действовать» пилотнай бырайыак үлэлиир. 8 улууска:  Чурапчыга, Дьааҥыга, Намҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка Дьарыктаах буолуу киинэрин иһинэн дьахталлар кулууптара тэриллибиттэрэ. Бу кулууптарга дьахталлар саҥа идэлэргэ үөрэнэллэр, дьарыктаах буолаллар. Ол түмүгэр, 300 дьахтар үлэ булла, кинилэртэн 27 дьахтар бэйэ дьыалатын арыйдылар. Оттон бэйэ дьыалатын арыныахтарын баҕарар дьоҥҥо социальнай хантараак улахан төһүү күүс буолар.

Сарсын Ил Дархан быһа эпиирэ «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ. Маны таһынан Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр трансляцияланыаҕа:

Телеграм: https://t.me/aisen_nikolaev

Вконтакте: https://vk.com/aisennikolaev14

Одноклассники: https://m.ok.ru/profile/576618790554

Рутуб: https://rutube.ru/channel/25540354/

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

9 часов ago