Быһаардаҕына, киһи ылыныах эбит ээ…

Share

Уонтан тахса сыллааҕыта “Дьулурҕаҥҥа” үлэлиир эрдэхпинэ, хоспутугар сытыы-хотуу көрүҥнээх киһи киирэн кэлбитэ. Сэһэргэһиибит успуортан букатын халыйан, саха тылыгар тиийэн хаалбыта. Анал аат туһунан кэпсэтии быыһыгар: “Пааспаргар сахалыы ааттамматах буоллаххына, эн саха буолбатаххын”, — диэбитэ итиэннэ бэйэтин пааспарын (дьаралыгын, Чаҕаан) таһааран көрдөрбүтэ.

Бу, бүгүн кэпсэтэн ыстатыйа оҕотун бооччойор киһибинин, успуорт (бэйэтэ этэринэн — күрэс), саха тылын эйгэтигэр киэҥник биллэр Дмитрий Чаҕаанныын ити курдук билсэн турабын.

Аҕыс ыйдаах үөрэхтэн сиэттэрэн

“Дмитрий Иванович, тиэрминнэри (бигэ тыл, Чаҕаан) оҥорууга хаһааҥҥыттан, тоҕо ылсыбыккыный?” — диэн кэпсэтии аанын сэгэтэр бастакы ыйытыыбын биэрэбин.

— Эдэр сылдьан Саха сирин успуорт маастардарын (күрэс сатабыллаахтара, Чаҕаан) кытта Одессаҕа үөрэнэ тиийбиппит. Бэйэбит икки ардыбытыгар наар сахалыы кэпсэтиэххэйиҥ дэспиппит. Мин онуоха диэри нууччалыы-сахалыы булкуйан саҥарар этим. Тоҕо диэтэххэ, ииппит ийэм (саҥаһым) тоҥ нуучча этэ уонна оҕону абыраары сайынын Саха сирин киинин көрдөрө, көччүтэ куоракка аҕалаллара, манна Залогка сайылыыр этим. 1-6 кылааска диэри саҥаһым аахха кыстаан олорбутум. Саҥаһым хаһан даҕаны сахалыы саҥарыма диэн боппотоҕо, олуттаҕастык да буоллар, бэйэтэ сахалыы саҥарарга дьулуһара.

Одессаҕа аҕыс ый үөрэнээри, олохтоохтор, дьэбириэйдэр бэйэлэрин тылларынан саҥаралларын, оттон биһиги бэйэбит Сахабыт сиригэр сахалыы кэпсэппэппитин тута бэлиэтии көрбүтүм уонна тылбын көннөрүнэн барбытым. Нууччалыы куһаҕана суохтук быһаарсабын эрэри, сахалары кытта кэпсэтэрбэр дьэ, ыарахан. “Ити сыыстыҥ, бу сыыстыҥ” диэн көннөрөллөр, нууччалыы барытын сыыһа саҥарбыт курдук буолабын. Сахалар мин нууччалыы сыыһарбын бэлиэтээн көрөллөр, оттон бэйэлэрин сахалыы тылларыгар тоҕо кыһамматтарын төбөбөр кыайан батарбаппын. Бэйэлэрэ сахалыы сыыһа саҥардахтарына көннөрөөрү гыннахпына, өһүргэнэллэр.

“Бэйэбит сахатыйа иликпитинэ…”

“Тоҕо, туох соруктаах тыллары сахатытаҕын?” диэн ыйытыыбар, “саха тылын сөргүтээри” диир. “Билиҥҥи оҕолортон тоҕо нууччалыы саҥараҕын?” диэн ыйыттахха, “какая разница” диэн баран ууну омурдубут курдук олороллор. Ону өйдөөн көрбүтүм: учитель — учуутал, завуч — завуч, воспитатель — баспытаатал, врач — быраас. Кырдьык даҕаны, “какая разница”, туох атыннааҕый”.

Итинтэн сиэттэрэн, оччотугар оҕолорбут төрөөбүт тылларын тоҕо үөрэтиэхтээхтэрин, сахалыы тоҕо билэ сатыахтаахтарын, ону кинилэргэ хайдах өйдөтөбүт, быһаарабыт диэн ыйытыыга маннык этэр:

— Улахан киһи саха тылын, омугун харыстыыр туһуттан билиэхтээх, өскөтүн бэйэтин дьиҥнээх сахабын дэнэр буоллаҕына. Оҕолор, баҕар, нууччалыы кэпсэтэллэрэ буолуо, эн тылыҥ — сэбиэскэйдии. Кинилэр тылларын эн алдьатаҕын. Наар сэбиэскэй кэмҥэ үөрэммиппит диэн күлүктэнэҕит. Оҕолор саха тыла туһата суох дии саныыллар. Эн кинилэргэ өйдөтө сатыырыҥ ирдэммэт, саханы элбэтиэхтээххин уонна ол оҕоҕун сахалыы иитиэхтээххин. Саха элбээтэҕинэ, саха тылын алдьатар дьон бары өйдөннөхтөрүнэ, ыраастык сахалыы саҥарар суолга туруннахтарына, оҕо истэр, ылынар эйгэтэ сахатыйдаҕына эрэ саха оҕото чахчы, ыраастык сахалыы саҥарыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүт оҕотугар — Таҥара. Мин төһө да көннөрөргө соруммутум иһин, оҕо мин тылбын ылыныа суоҕа. Иккиһинэн, үөрэхпит хайысхата сыыһа, ол көнүөхтээх. Кулаковскайдаах, Ойуунускайдаах, о. д.а. суруйааччылар бары сэбиэскэйдии суруйаллар. Мин кинилэр билиилэрин утарбаппын, биһигиннээҕэр таһымнаах дьон. Ойуунускай “Өрүөл кэриэһэ” диэн хоһоонноох. Өрүөл диэн саха тыла дуо? Ити хоһооҥҥо омуктан киирбит 21 тыл баар. Ойуунускай сахалыы үчүгэйдик билэр эрээри, биһигини кыһыл сүбэ (сэбиэскэй) тыыҥҥа иитээри соруйан атын, аан дойду кыһыл сүбэтин (пролетарскай) тылларын киллэрбитэ. Сэбиэскэй өй-санаа нуучча тылын кытта алдьаппыта. Холобур, школа диэн нуучча тыла буолбатах, нууччалыыта — училище, порт — пристань, банк — казна, банкир — казначей. Соруйан оҥоруу күүһүнэн билигин үөрэхпит эмиэ ол хайысханан баран иһэр.

Мин саха оҕотун дьиҥнээх саха тылынан саҥардан тылтан тэйитэр, оттон нуучча тылын кыбытан саҥартахпына, дьэ сахалыы саҥарар оҥорор үһүбүн. Үөрэхпит сыыһа хайысхалаах. Ити курдук быһааралларын тухары оҕолорбут хаһан даҕаны уу сахалыы тылланыахтара суоҕа.

Былыр даҕаны суруйааччылар айымньылара бааллар этэ, ону барытын сотон кэбиспиттэрэ, суох оҥорбуттара. Хайдах эрэ барыта сэбиэскэй эрэ кэмтэн саҕаланар курдук саныыбыт, — диэн кини этэр.

Аны саха тылын туһугар туруулаһар Дмитрий Чаҕаан бэйэтин оҕолоро сахалыы төһө бэркэ саҥараллара буолла диэн элбэх киһи сэҥээрэр ыйытыытын биэрэбин. “Оҕолорум нууччалыы тыллары кыбытталлар да, атыттардааҕар үчүгэйдик саҥараллар. Дьиэ иһигэр миигин кытта уу сахалыы кэпсэтэ сатыыллар, миигиттэн ыйыта-ыйыта, көннөрүнэ-көннөрүнэ саҥараллар, атыттары кытта талбыттарынан кэпсэтэллэр”, — диэн этэр. “Сыыһа саҥардахтарына мөҕөҕүн дуо?” — диэн ыйытыыбар: “Тоҕо? Кыһаллар дьону тоҕо мөҕүөмүй. Кинилэри сэбиэскэй үөрэх алдьатар”,  — диир.

Ытыс саҕа тылдьыт

Төһө элбэх тылы сөргүппүтүн туһунан ыйытыыбар, чопчутун билбэтин, аахпатын туһунан быһаарар.

Дмитрий Чаҕаан сөргүтүүтүнэн “Төрүкү тылбыт сүппэтин” диэн ытыс саҕа нууччалыы-сахалыы тылдьыты таһаартарбыт. Ол кинигэтин көрөөрү: “Бэйи, тас харахпын кэтиим эрэ”,  — диир. Линза — ис харах, очки — тас харах диэн быһаарар. “Мин биир даҕаны тылы айбатаҕым, ити барыта сахаҕа баар тыллар. Баар тыллары сөргүтэн, нуучча тылыгар туруоран эрэ биэрэбин”, — диэн быһаарар.

— Бу билигин көрдөхтөрүнэ уонна быһааран биэрдэххэ, дьон ылынар. Аныгы кэмҥэ дьон бары сэбиэскэйдэрин эрэ өрө туталлар, сэбиэскэй кэмҥэ олорон кэлэн баран сиилиигин дииллэр. Баҕар, үчүгэй да кэмҥэ олорон ааспыт буолларбыт, тылбытын көннөрүнүөх тустаахпыт, — диэн санаатын этэр.

Аны икки-үс сүүсчэкэ сылынан саха тыла симэлийиэ диэн хомолтолоох сабаҕалааһыннары истэбит. Тустаах ыйытыыга Дмитрий Чаҕаан: “Сэбиэскэй үөрэхтэн тэйдэхпитинэ биирдэ сахатыйыахпыт. Ол иннинэ кыаллыбат. Сахалыы тыл сөргүтүллэригэр эрэллээхпин, ол гынан баран, ол олус уһун кэми эрэйэр, сүүстэн тахса сыл ааһыа. Тылбытын харыстыыр дьон үксээтэхпитинэ, саҥаттан тиллэн барыахпыт. Ол иһин саха ахсаанын, сахалыы тыллааҕы, төһө кыалларынан, элбэтиэхтээхпит”, — диэн түмүктээн этэр.

Сахалыы тыллар

Дмитрий Ивановиһы кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттэххэ, “ити тыл маннык” диэн баран быһааран биэрдэҕинэ, киһи “кырдьык даҕаны” диир түгэннэрдээх. Холобур: шкаф — хоппо. “Шкаф для одежды — ыйыыр хоппо (былыр дьахталлар ыһыахтыыр таҥастарын хоппоҕо уган сытыараллар. Ити билигин туруору ууруллан турар ыскаап, онон ыйыыр хоппо диэтэххэ, тута өйдөнөр). Шкаф для посуды — долбуур хоппо (көннөрү долбуур диэтэххэ, аһаҕас, ыйанан турар иһит уурар долбууру өйдүү биэрэбит, соҕотохтуу хоппо диэтэххэ эмиэ өйдөммөт. Былыргы аһаҕас долбуурбут билигин хопполонон хаалбыт). Детский сад — оҕо көрүмньүтэ (сад диэн дьон үүнээйини көрөн-харайан олордор сирэ. Көрбөт-харайбат буоллаххына сад буолбат, бэйэтэ дьаалатынан үүнэр. Билигин уһуйаан диэн детсады этэллэр. Ити сыыһа. Уһанарга, иистэнэргэ, ас астыырга уһуйуохха сөп”, — диэн лоп-бааччы быһаарар.

  • Компьютер — оҕуруктаах дьолоҕой (дьолоҕой — память),
  • Телевизор — тэлэ (аан дойдуну тэлэ сылдьыбыт киһи диэн этии баар. Ол курдук аан дойдуну тэлэ көрө олоробут),
  • Телефон — тэлэ сэлэһэр,
  • Телеграмма — тэлэ сурук, тэлэ суруйуу,
  • Ручка — илии суруйар,
  • Харандаас — хоруо таас.
  • Үөрэх тиэмэтин суруйарым быһыытынан, бу эйгэҕэ сыһыаннаах тыллары ыйыталаһабын:
  • Онлайн үөрэх — тэлэ көрдөрөн олорон үөрэх,
  • Дистанционнай үөрэх — тэйиччиттэн, дьиэттэн, таһыттан үөрэх,
  • Кылаас — таһым (класс-уровень. Ол аата, кылаас диэн билиини көрдөрөр, сыллата үрдээн, хаҥаан иһэр таһым буолар),
  • Кылаас — үөрэх хоһо,
  • Оскуола — үөрэхтэбил/үөрэх дьиэтэ,
  • Дириэктэр — модьуйа (модьуйар киһи),
  • Учуутал — үөрэтээччи, умсуур (оҕону үөрэтэр киһи),
  • Кинигэ — билик,
  • Буочар — суруйар суола-ииһэ,
  • Видео — уһулук,
  • Иитээччи — оҕо иитээччи,
  • Кумааҕы — мас суба,
  • Электроннай почта — чаҕылыма сурутуу.
What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…

2 часа ago