Быйаҥныырга – биир бөрөнү
14.12.2024, 17:00
Бултуйуу
Бөлөххө киир:
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр.
Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа ыһаллар. Ол иһин олохтоох ДЭС начаалынньыга Роман Слепцов турунан туран, буранынан эккирэтэн, биир бөрөнү ытан ылла. “Биэс мүнүүтэ да буолбакка, ситэн ылан өлөрдүм”, – диир ол бултуйуутун туһунан Роман Николаевич.
Туундара бөрөтө буолан, син улахан эбит. Урут бу адьырҕаны сопхуос табаларын харыстаан бултаспытын туһунан этэр. Онтон ыла 30-ча сыл ааспыт. Онон билигин бу адьырҕаларга түбэстэҕинэ, бултуур санаалаах. “Бөрө ахсаанын сүрүннээһиҥҥэ” диэн көҥүл ылбыт. “Суоллара-иистэрэ элбэх. Саҥа хаардаата, суол таҕыстаҕына, сонордоһуохпут”, – диир кини.
Хаартыска: Р.Слепцов ыытта.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: