Салгыы
Быйыл 10-11-с кылаас оҕолоро устуоруйа саҥа кинигэтинэн үөрэниэхтэрэ

Быйыл 10-11-с кылаас оҕолоро устуоруйа саҥа кинигэтинэн үөрэниэхтэрэ

12.08.2023, 16:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа 10-с уонна 11-с кылааһын оҕолоро устуоруйаҕа саҥа кинигэнэн үөрэниэхтэрэ. 5-9-с кылаастарга саҥа учуобунньук эһиилги үөрэх дьылыттан киириэҕэ. Бу туһунан РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин саайта ТАСС сырдатыытыгар сигэнэн суруйар.

Саҥа учуобунньук түөрт туомтан турар: 1914-1945 сс. хабар 10-с кылаастарга аналлаах “Арассыыйа устуоруйата”, 1945 сылтан билиҥҥи кэмҥэ тиийэ сырдатар 11-с кылаастарга аналлаах “Арассыыйа устуоруйата” итиэннэ 10-11-с кылаастарга уопсай устуоруйаны кэпсиир икки туом.

“Оскуолаҕа кырдьыктаах чахчы үөрэтиллэрэ уонна оҕолор дойдубут улуу устуоруйатын өйдүүллэрэ улахан суолталаах. Ол иһин былырыын устуоруйа биридимиэтигэр биир кэлим бырагырааманы оҥорон ылыммыппыт. Онно олоҕуран 10-11-с кылаастарга аналлаах үөрэх кинигэтэ бэлэмнэннэ, балаҕан ыйын 1 күнүттэн номнуо үөрэтэн барыахтара”, — диэн РФ Үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов кинигэ сүрэхтэниитигэр эппит.

Учуобунньукка байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмыт төрүөтүн быһаарыыга, Арассыыйаҕа саҥа эрэгийиэннэр киириилэрэ, дойду аныгы сайдыытыгар туспа бас анаммыттар.

Учуобунньук ааптардарынан РФ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ, Арассыыйатааҕы байыаннай-историческай уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Мединскэй, Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы Москватааҕы судаарыстыбаннай институтун ректора Анатолий Торкунов, РНА уопсай устуоруйаҕа институтун билимҥэ салайааччыта Александр Чубарьян буолаллар. Үөрэх кинигэтэ бары бэрэбиэркэни, үөрэтэн көрүүнү ааспыт дииллэр. Сиһилии манна ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: