Быйыл 180 ыал дьиэтигэр гааһы киллэрдилэр

Быйыл 180 ыал дьиэтигэр гааһы киллэрдилэр

17.04.2024, 14:57
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Бу сыл үс ыйыгар 180 ыалга гааһы киллэрдилэр — учаастактарын иһинэн турбалары тартылар, гаас билиитэтин атыылаһан туруордулар. Бу ыаллар ортолоругар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ эмиэ бааллар. Бу туһунан бырамыысыланнас, геология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Бу көмө бырамыысыланнас уонна үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэлэриттэн кэлэр. Бырамыысыланнас, геология министиэристибэтин бырагырааматынан, ыаллар киин ититии ситимиттэн гааска көһүү ороскуоттарын 75%-на толуйуллар. Оттон үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн социальнай гаастааһын бырагырааматынан кыаммат, элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр.

Ордук элбэхтик Дьокуускай, Хаҥалас, Чурапчы, Горнай улуустарыттан сайаапкалар киирэллэр. Бырагыраама чэрчитинэн, барыта 20 тыһыынчаттан тахса киһи дьиэтигэр гааһы киллэрбиттэр.

Маны тэҥэ, «Алмаасэргиэнбааҥҥа» уонна «Россельхозбааҥҥа» гааһы киллэрэр дьоҥҥо анаан чэпчэтиилээх кирэдьииттэри биэрэллэр.

Быйыл бырамыысыланнас министиэристибэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Лоомтукатыгар уонна Чурапчы улууһун Уһун Күөл сэлиэнньэлэригэр гааһы киллэрэр былааннаах. Ону тэҥэ, социальнай гаастааһын бырагыраамата салгыы үлэлиир. Бу социальнай гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ лиидэр буолбута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: