Быйыл 2,7 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэрсиллиэҕэ

Share

Быйыл Саха сиригэр 640 мөлүйүөн курдук суумаҕа 2,7 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэрсиллэрэ былааннанар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина “Якутия 24” ханаалыгар “Актуальное интервью”  биэриигэ иһитиннэрдэ.

«СӨ Ил  Дархана дьадайыыны  утары охсуһуу дьаһалларын туһунан  Ыйааҕын чэрчитинэн,  социальнай хантараак кыра дохуоттаах нэһилиэнньэни социальнай өйөөһүн механизмынан буолар. Бу судаарыстыбаннай социальнай көмө оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ уонна кыра дохуоттаах соҕотох олорор дьоҥҥо үлэлээх буолалларыгар, бэйэ дьыалатын арыйалларыгар, ону сэргэ олох ыарахан балаһыанньатыттан тахсалларыгар бэриллэр. Ону таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ ураты усулуобуйалаах анал бырагыраамалар бааллар”, — диэтэ Альбина Трубина. 

2024 сылтан Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тус хаһаайыстыбаны уонна урбаан үлэтин тэрийэргэ социальнай хантараак кээмэйэ биисинэс-былаантан көрөн (ороскуоттар сметаларыттан) 500 тыһыынчаҕа суумаҕа тиийэр.

Хаартыска: SakhaGov

2025 сылга киирбит биир суолталаах уларыйыынан судаарыстыбаннай өҥөҕө наадыйар дьиэ кэргэни быһаарарга,   орто дохуотун ааҕарга оҕо төрөөһүнүнэн  бэриллэр ыйдааҕы пособие учуоттаммата буолар.

Санатан эттэххэ, социальнай хантараак  элбэх оҕолоох, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара оҕолордоох дьиэ кэргэттэри уонна кинилэр  дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытары түһэрсиллэр.

Социальнай хантараагы түһэрсэргэ  социальнай көмүскэл органыгар эбэтэр олорор сиргинэн муниципальнай тэриллии дьаһалтатыгар сайабылыанньа бэриллэр. Сайабылыанньаны судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларынан  (http://www.e-yakutia.ru/) эбэтэр Элбэх хайысхалаах киин (МФЦ) нөҥүө эмиэ бэриллэр.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Уруйдан, Олоҥхо дойдута

Саха омук мусукаалынай култууратыгар уһулуччулаах кылааты киллэрбит композиторбыт, Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Захар Степанов төрөөбүтэ 95…

23 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Таркаайылар байыаннай дьайыыга көмөлөһөллөр

Саха сирин олохтоохторо уонна улуус дьаһалталара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар өрүү көмөлөһөллөр. Бу өйөбүл…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев СӨ мас-рестлиҥҥэ федерациятын вице-бэрэсидьиэнинэн талылынна

«Тута» позывнойдаах Арассыыйа Дьоруойун Андрей Григорьевы СӨ мас-рестлиҥҥэ федерациятын бочуоттаах чилиэнинэн уонна вице-бэрэсидьиэнинэн таллылар. Дастабырыанньаны…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нерюнгри аэропорда саҥа маршруту үлэлэтэр

Бу сыл сааскы-сайынҥы кэмигэр «Нерюнгри аэропорда» филиалга саҥа маршрут арыллар диэн СӨ Тырааныспарга уонна суол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

“Ларионов оскуолатын бурдугун” сэргииллэр

Кэлиҥҥи кэмҥэ агро-оскуолалар эбии үөрэхтээһин хайысхатын таба туһанан, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга, оҕону урбаан салаатыгар…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Николай Соболевка Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибитэ икки сыл буолла

Икки сыл анараа өттүгэр, 2024 сыл олунньу 15 күнүгэр, Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан байыаннай иэһин…

3 часа ago