Быйыл 2,7 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэрсиллиэҕэ

Share

Быйыл Саха сиригэр 640 мөлүйүөн курдук суумаҕа 2,7 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэрсиллэрэ былааннанар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина “Якутия 24” ханаалыгар “Актуальное интервью”  биэриигэ иһитиннэрдэ.

«СӨ Ил  Дархана дьадайыыны  утары охсуһуу дьаһалларын туһунан  Ыйааҕын чэрчитинэн,  социальнай хантараак кыра дохуоттаах нэһилиэнньэни социальнай өйөөһүн механизмынан буолар. Бу судаарыстыбаннай социальнай көмө оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ уонна кыра дохуоттаах соҕотох олорор дьоҥҥо үлэлээх буолалларыгар, бэйэ дьыалатын арыйалларыгар, ону сэргэ олох ыарахан балаһыанньатыттан тахсалларыгар бэриллэр. Ону таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ ураты усулуобуйалаах анал бырагыраамалар бааллар”, — диэтэ Альбина Трубина. 

2024 сылтан Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тус хаһаайыстыбаны уонна урбаан үлэтин тэрийэргэ социальнай хантараак кээмэйэ биисинэс-былаантан көрөн (ороскуоттар сметаларыттан) 500 тыһыынчаҕа суумаҕа тиийэр.

Хаартыска: SakhaGov

2025 сылга киирбит биир суолталаах уларыйыынан судаарыстыбаннай өҥөҕө наадыйар дьиэ кэргэни быһаарарга,   орто дохуотун ааҕарга оҕо төрөөһүнүнэн  бэриллэр ыйдааҕы пособие учуоттаммата буолар.

Санатан эттэххэ, социальнай хантараак  элбэх оҕолоох, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара оҕолордоох дьиэ кэргэттэри уонна кинилэр  дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытары түһэрсиллэр.

Социальнай хантараагы түһэрсэргэ  социальнай көмүскэл органыгар эбэтэр олорор сиргинэн муниципальнай тэриллии дьаһалтатыгар сайабылыанньа бэриллэр. Сайабылыанньаны судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларынан  (http://www.e-yakutia.ru/) эбэтэр Элбэх хайысхалаах киин (МФЦ) нөҥүө эмиэ бэриллэр.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ – дойду көмүскэлигэр: Интернационалист-буойуттар умнуллубат хорсун быһыылара

Олунньу 15 күнэ Арассыыйаҕа – ураты күн, бу күҥҥэ дойду үрдүнэн Аҕа дойду тас өттүгэр…

32 минуты ago
  • Спорт
  • Сүрүн

Саха сирин гимнастара инники күөҥҥэ сылдьаллар

Дьокуускайга ыытылла турар Уһук Илин эргэгийиэннэр сүүмэрдэммит хамаандаларын художественнай гимнастикаҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэрэ Саха…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Герпес уонна неврология — туох ситимнээхтэрий?

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа-Мэдиссиинэ Суһал көмөтүн киинигэр Саха сирин улуустарын Киин балыыһалара, поликлиникалар, атын балыыһалар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эрэстэрээн оннугар – түргэн аһылык

Эспиэрдэр бэлиэтииллэринэн, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа ааттаах-суоллаах улахан эрэстэрээннэр сабыллыыларын улахан долгуна бэлиэтэннэ. Бу маннык…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөнэ күргэтин тутуутун былаһааккатыгар өрүһү дириҥэтэр үлэҕэ бэлэмнэнии саҕаланна

«ВИС» бөлөх Өлүөнэ өрүс нөҥүө күргэни тутууга үлэни тэнитэр. Бүгүн коффердамнары туруорарга уонна өрүс ортотунааҕы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин Ытык кырдьаҕаһа Федора Иванова 104 сааһын туолла

Олунньу 14 күнүгэр Саха сирин Ытык кырдьаҕаһа, тыыл бэтэрээнэ Федора Николаевна Иванова 104 сааһын туолла.…

3 часа ago