Быйыл 285 миэстэлээх алта уһуйаан үлэҕэ киириэҕэ
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуола иннинээҕи үөрэх бырагырааматынан үлэлиир, оҕону көрөр-истэр 756 тэрилтэ (филиаллары ааҕан туран) баар.
Итинтэн:
— 478 туспа муниципальнай уһуйаан;
— 196 уһуйаан бөлөхтөрдөөх уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ;
— 5 судаарыстыбаннай тэрилтэ, итинтэн 1 оҕону эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ, 2 идэҕэ бэлэмниир үөрэх тэрилтэтэ, 1 тэрилтэ уһуйаан бөлөхтөрдөөх атын юридическай сирэй, 1 оҕону көрөр-истэр тэрилтэ;
— 29 филиал “АЛРОСА” АХ «Алмазик» оскуола иннинээҕи тэрилтэ.
Итини сэргэ, оскуола иннинээҕи үөрэх бырагырааматынан, оҕону көрүүнэн-истиинэн 46 урбаанньыт дьарыктанар.
Кыра саастаах оҕону сайыннарар аныгы усулуобуйаны саҥа уһуйааннары тутан, эбийиэктэри атыылаһан уонна уларытан, оскуола иннинээҕи чааһынай тэрилтэлэргэ эбии миэстэлэри тэрийэн, оскуола иннинээҕи тэрилтэлэр болуоссаттарын көдьүүстээхтик туһанан, улуус уонна куорат уокуруктарын баһылыктарын кытта бииргэ түмсэн таһаараллар.
Былырыын араас үбүлээһин суотугар өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 285 миэстэлээх 5 оскуола иннинээҕи үөрэх эбийиэгэ үлэҕэ киирбитэ:
— “Тыа сирин кэлимсэтик сайыннарыы” СӨ судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн – федеральнай сбусидияны туһанан 135 миэстэлээх 3 уһуйаан:
Сунтаар улууһун Күндэйэ сэлиэнньэтигэр 50 миэстэлээх оҕо саада;
Үөһээ Бүлүү улууһун Харбала сэлиэнньэтигэр 35 миэстэлээх оҕо саада.
— бүддьүөтү таһынан үбүлээһин суотугар Нам улууһугар 150 миэстэлээх 2 оҕо саада үлэҕэ киирбитэ:
Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр 75 миэстэлээх оҕо саада;
Нам улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтигэр 75 миэстэлээх оҕо саада.
Быйыл 285 миэстэлээх 6 оскуола иннинээҕи үөрэх эбийиэгин үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар: Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтигэр, Орто Халыма улууһун Налимскай сэлиэнньэтигэр, Нам улууһун Хатас, Кыһыл Дэриэбинэ сэлиэнньэлэригэр, Бүлүү улууһун Күбэйиҥдэ, Уус Алдан улууһун Үс Күөл сэлиэнньэлэригэр. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: