Быйыл 41 социальнай эбийиэк тутуллуоҕа
Саха сиригэр 2025 сылга 41 социальнай эбийиэги тутан киллэрэри былаанныыллар. Бу туһунан тутуу миниистирэ Виктор Романов быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.
— Ол иһигэр 15 үөрэхтээһин, 6 физкултуура уонна спорт, 13 доруобуйа харыстабылын уонна 7 култуура тэрилтэлэрин эбийиэктэрэ тутуллуохтара. Бу сыл бүтүөр диэри доруобуйа харыстабылын 8 улахан эбийиэгэ тутуллан, үлэҕэ киириэҕэ. Амма, Бүлүү, Ньурба, Нам, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи улуустарыгар уонна Аллараа Бэстээххэ тутулла тураллар. Маны тэҥэ, биэлсэр-акушер пууннарын тутуу эмиэ салҕанар. Концессионнай сөбүлэһиилэринэн Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ уонна үөрэхтээһин эбийиэктэрэ тутуллаллар, — диэн миниистир кэпсээтэ.
Санатар буоллахха, былырыын 61 социальнай эбийиэк, ол иһигэр — 18 үөрэхтээһин, 4 эбии үөрэхтээһин, 6 физклутуура уонна спорт, 18 доруобуйа харыстабылын уонна 15 култуура эбийиэктэрэ тутуллан киирбиттэрэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: