Быйыл 449 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллыаҕа

Быйыл 449 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллыаҕа

17.11.2023, 20:00
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Быйыл сыл бүтүөр диэри 449 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллыаҕа. Бу туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. Кини мунньах ыытан, үлэ хаамыытын билистэ, субвенцияны туһаныыны бэрэбиэркэлээтэ.

Сыл аайы бу сыалга 1 миллиард солкуобай көрүллэр. 2023 сылга 1,3 миллиард солкуобай суумалаах 449 дьиэни ыларга хантараак түһэрсии былааннаммыта. Ол иһигэр: 500 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 124 дьиэ сэртипикээтэ бэриллиэхтээх, 460 мөлүйүөн солкуобайга 206 саҥа кыбартыыра ылыллыахтаах, иккис ырыынакка 370 мөлүйүөн солкуобайга 116 кыбартыыра атыылаһыллыахтаах, — диэн кини эттэ.

Тутуу миниистирэ Виктор Романов этэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ 1 миллиард солкуобайтан тахса суумаҕа 324 дьиэни ыларга муниципальнай хантараак түһэрсиллибит.

Мунньах кэмигэр Алдан, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Чурапчы улуустара субвенцияны туһаныыга хойутаан иһэллэрэ билиннэ, сэрэтии бэрилиннэ.

Билиҥҥи кэмҥэ 919 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллыы уочаратыгар турар. Балартан улахан аҥаардара — Дьокуускай куоракка. Бу урукку кэми кытта тэҥнээтэххэ, хас да төгүл аҕыйах. Ил Дархан сорудаҕынан, олорор дьиэ сэртипикээтин мэхэньиисимин киллэрбиттэрин кэннэ, балаһыанньа тупсубута. Бу сэртипикээти дьиэни ыларга атастаһыахха сөп. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: