Быйыл 455 быраас үөрэҕин бүтэрэр

Быйыл 455 быраас үөрэҕин бүтэрэр

24.02.2025, 10:48
Хаартыска https://www.sakha.gov-тан
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр  мэдиссиинэ үлэһиттэрин аҕалар туһуттан, үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит миэдиктэри үлэҕэ ыларга көмө оҥоһуллар. 

Ордук Арктика улуустарыгар доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр каадыр тиийбэт, манна быраастарынан хааччыллыы 55% эрэ буолар.

2025 сылга ХИФУ мэдиссиинэҕэ института быраас идэлээх 455 эдэр исписэлииһи үөрэтэн таһаарыаҕа, кинилэртэн 169 киһи тус сыаллаах дуогабарынан тыа сиригэр үлэлии барыаҕа. Маны тэҥэ, Саха сирин тас өттүгэр 40 устудьуон тус сыаллаах дуогабарынан үөрэнэр.

Быйыл өрөспүүбүүлүкэ колледжтара 1742 орто сүһүөх  исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарыахтара, кинилэр бары  мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр үлэ булуохтара диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

2025 сылга федеральнай бырагырааманан 90 земскэй быраас уонна 71 биэлсэр үлэлии кэлиэхтэрэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 февраля
  • -21°C
  • Ощущается: -21°Влажность: 71% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: