Быйыл Саха сиригэр 56 оскуола өрөмүөннэннэ
Бу сылга өрөспүүбүлүкэҕэ «Үөрэҕирии ситимнэрин саҥардыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, 56 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна.
Ол курдук, 26 улууска уонна куоракка: Абыйга, Булуҥҥа, Дьааҥыга, Үөһээ Халымаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Өлөөҥҥө, Мэҥэ Хаҥаласка, Муомаҕа, Намҥа, Ньурбаҕа, Өймөкөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Сунтаарга, Тааттаҕа, Томпоҕо, Хаҥаласка, Уус Маайаҕа, Усуйаанаҕа уонна Дьокуускайга оскуолалары саҥартылар.
Булуҥҥа Арктикатааҕы гимназия өрөмүөнэ кыраапык быһыытынан түмүктэниэҕэ.
Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит бырагыраамата улахан куораттарга эрэ буолбакка, ыраах сытар сэлиэнньэлэргэ эмиэ көмөлөһөр.
2023 сылга 20,5 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччи кырааска сытынан дыргыйбыт, саҥардыллыбыт, сырдык, ыраас оскуолаҕа үөрэнэ киирдилэр.
Бу бырагырааманы олоххо киллэрэргэ Саха сиригэр федеральнай субсидияттан 2,57 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: