Быйыл 6 муоста тутулунна
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун управлениета иһитиннэрэр.
Мииринэй оройуонугар «Анаабыр» суолга Чуоналыыр үрэҕи туоруур муоста уһуна 80 миэтэрэ, киирэр-тахсар суолунуун 1 килэмиэтир уһуннаах.
Кэбээйи улууһугар «Кэбээйи» суолга Хатыҥ Үрэҕи туоруур муоста уһуна 47 миэтэрэ, киириитин-тахсыытын кытта — 4 килэмиэтир уһуннаах. Онон Кэбээйи сэлиэнньэтин олохтоохторо кыһыннары-сайыннары «Бүлүү» федеральнай суолунан сылдьар буоллулар.
Томпо улууһугар «Яна» суолга Ольчан үрэҕи туоруур муоста уһуна 50 миэтэрэ, киириитин-тахсыытын кытта 0,5 килэмиэтирдээх. Бу суолунан Дьааҥы, Усуйаана улуустарыгар таһаҕас, ас-үөл тиэйиллэр.
Сунтаар улууһугар Уустуйа-Кэмпэндээйи суолугар Куччугуй Харыйалаах уонна Орто Харыйалаах үрэхтэргэ муосталар өрөмүөннэннилэр.
Маны тэҥэ, Куйдуһун үрэҕи туоруур 298 миэтэрэлээх муоста сөргүтүлүннэ.
2024 сылга барыта 4,8 км уһуннаах муосталар тутулуннулар. 2019-2024 сылларга «Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыагынан Саха сиригэр 1435 км уһуннаах суол оҥоһулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: