Бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев 2022 сыл түмүктэрин таһаарар уонна үүммүт сылга соруктары туруорар сыаллаах мунньаҕы ыытта. Ил Дархан Айсен Николаев бу мунньахха кыттан, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ муҥутуур элбэх социальнай эбийиэк тутулларын туһунан иһитиннэрдэ.
— 2023 сылга 72 эбийиэги, ол иһигэр – 12 култуура дьиэтин, 26 доруобуйа харыстабылын, 6 уһуйааны, 9 спортивнай, 1 эбии үөрэхтээһин, 1 социальнай хааччыйыы эбийиэктэрин тутар былааннаахпыт. Ону тэҥэ, 2023 сыл 20 оскуоланы тутан киллэрбит сыл быһыытынан устуоруйаҕа хаалыаҕа. Бу бу биир сылга хаһан да тутулла илик муҥутуур көрдөрүү, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Ил Дархан 2022 сылга экэниэмикэҕэ түмүктэри кэпсээтэ. 2019 сылтан Саха сирин экэниэмикэтэ Уһук Илин эрэгийиэнигэр баалабай эрэгийиэннээҕи бородуукта (ВВП) кээмэйинэн бастаан иһэр. Кэнники 5 сылга үгүс көрдөрүүлэринэн бастыҥ түмүктэрдээх, ол иһигэр, бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга, демографияҕа, инвестициялары киллэриигэ, уо.д.а. Былырыын бырамыысыланнаска оҥорон таһаарыы 110,6% үрдээтэ. Экэниэмикэҕэ үүнүү уонна федеральнай киин өйөбүлэ социальнай эйгэҕэ соруктары быһаарарга көдьүүстээхтэр диэн Ил Дархан эттэ.
— Бэрэсидьиэн Владимир Путин өйөбүлүнэн, Уһук Илин эрэгийиэннэрэ көхтөөхтүк сайдаллар. Олорор дьиэни тутуу, тыа хаһаайыстыатын бородууксуйатын элбэтии, сүрүн хапытаалга инвестициялары улаатыннарыы курдук көрдөрүүлэр эмиэ үрдээтилэр, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Национальнай рейтиҥҥэ Саха сирин инвестиционнай килиимэтин туруга Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортолоругар 2-с миэстэлээх. 2018 сылтан өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 2 триллион солкуобай инвестицияламмыт. Бу Уһук Илин эрэгийиэннэригэр муҥутуур кээмэй буолар. 2022 сылга инвестиция кээмэйэ 471 миллиард солкуобайга тэҥнэһэн, 2021 сыллааҕар 5,1%-нан үрдээбит.
Мария Герасимова-Сэҥээрэ – норуот фольклоругар бөдөҥ исписэлиис, доҕотторо ытыктаан ааттыылларынан Ийэ чабырҕахсыт, чабырҕаҕы, олоҥхону, оһуохайы…
Ааҕааччыларбытыттан ыйытыылар киирэ тураллар. Соторутааҕыта быыһыгар маҥаннаах таба этин видеоҕа устубуттар этэ. Ону көрбүт дьонтон…
Бүгүн, сэтинньи 9 күнүгэр, Өлүөхүмэ улууһугар аналлаах оһуохай түһүлгэтэ бэрт тэрээһиннээхтик ааста. Куоракка олорор өлүөхүмэлэр…
Сэбиэскэй кэмҥэ эдэр ийэ-аҕа буола сылдьыбыт төрөппүттэр кырачаан оҕоҥ сылайдаҕына эбэтэр атаахтааҕына уоскута түһэргэ оҕо…
Бэҕэһээ, сэтинньи 8 күнүгэр, 35-гэр диэри саастаах быраастар, мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ, доруобуйа харыстабылын эйгэтин үлэһиттэрэ Николаев-Кииҥҥэ…
Саха тапталлаах ырыаһыта, ырыа айааччы, СӨ үтүөлээх артыыската Тамара Попова сыанаҕа тахсыа эрэ кэрэх, көрөөччүлэр…