Быйыл Аксения Посельская төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиэхпит
Аксения Васильевна Посельская соҕотох кыыһын Наташаны 1950 сыллаахха Дириҥҥэ аймахтарыгар Тарабукиннарга кэлэн олорбут кэмигэр көрбүтүм, билсибитим. Ол кыһын кини аймахтара Дириҥҥэ бастакы оскуола – кэлин тулаайах оҕолор олорор (Оҕо дьиэтэ) I куорпустарын олбуорун иһигэр баар балаҕаҥҥа кыстаабыттара, биһиги дьиэбититтэн олох чугас этэ.
Наташа Посельская көнө дьулугур уҥуохтаах, оттомноох хара харахтардаах, уһун суһуохтаах, олус сайаҕас кэпсэтинньэҥ кыыс этэ. Мин ийэлээх-аҕам Сидорова Ульяна Федоровна, Капитонов Петр Иванович Наташаны миэхэ оонньуу кэллэҕинэ үөрэ-көтө көрсөллөрө. «Учууталбыт Сүүлүскэй кыыһа!», — дииллэрэ. Ол кэмҥэ Наташа ийэтэ сымыйа буруйдааһыҥҥа түбэһэн, хаайыыга сытарын мин кэлин билбитим. Биһиги, олбуор кыра кыргыттара Еля Эверстова, мин уонна Наташа буоламмыт тугу сатыырбытынан оонньуур, сүүрэр-көтөр, үҥкүүлүүр этибит. Еля биһиги эрдэттэн даҕаны акробатика элэмиэннэрин – шпагат түһүүнү, мостик көрүҥнэрин бэйэбит дьарыктанан сатыыр этибит. Наташа биһиэхэ балериналар курдук атах төбөтүгэр турууну көрдөрбүтэ. Биирдэ кыһын Наташалыын биһиги дьиэбитигэр оонньуу сырыттахпытына, аймаҕа – эдьиийэ Парасковья Осиповна Тарабукина (Дмитриева) киирэн кэлбитэ уонна Наташаҕа туһаайан: «Ийэҥ кэллэ…» диэн илдьэ барбыта. Мин Наташа ийэтин көрөр баҕам баһыйан, кинилэри кытта барсыбытым. Дьиэҕэ киирбитим оһох иннигэр олоппоско эдэрчи кырасыабай дьахтар олороро… Наташа саҥата суох ийэтин баран кууспута… мин тута дьиэбэр аантан төттөрү сүүрбүтүм. Аатырар Аксения Васильевна Посельскаяны аан бастаан көрбүт түгэним ити этэ.
1947 сыллаахха Саха сиригэр «Сир симэҕэ» бастакы балет туруоруллубутугар сүрүн оруолу биир дойдулаахпыт Аксения Посельская үҥкүүлээбитэ. Хаардьыт Бэргэн баартыйатын Таатта оройуонун Баайаҕатыттан төрүттээх Иннокентий Христофоров толорбута. 1948 сыллаахха Асафьев «Бахчисарайскай фонтан» балета туруоруллубута. Сүрүн оруолга Марияны эмиэ Аксения Васильевна Посельская үнкүүлээбитэ.
Сотору кэминэн А.В.Посельская Дириҥ оскуолатыгар оҕолору үҥкүүгэ дьарыктаабыта. Ол сыл Дириҥ оскуолатын оҕолоро үҥкүүнэн үлүһүйбүттэрэ. Биһигини, кыралары, дьарыгар ылбатаҕа. Оччолорго мин начаалынай кылааска үөрэнэрим. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Светлана Петровна Капитонова үҥкүүгэ киниэхэ дьарыктанан дьолломмута. Биирдэ эдьиийбин батыһан хайдах үҥкүүлүүллэрин көрөөрү, оскуолаҕа барсыбытым. Оскуолабытыгар физкультура саалатыгар тобус-толору кыргыттар-уолаттар А.В.Посельская салалтатынан үҥкүүлүү сылдьаллара. Сыл устата кини дьарыктаан, бөлөҕүнэн сахалыы үҥкүүнү уонна кыргыттарга эрэ китайскай веердээх үҥкүүнү үөрэтэн туруорбута. Оскуола, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын көрүү кэнсиэртэригэр ол үҥкүүлэри хайҕаабыттара. Үҥкүүһүттэр көстүүмнэрэ олус үчүгэйэ, ол хаартыскалары урут эдьиийим альбомугар баарын көрөр этим. Аксения Васильевна Дириҥ оскуолатыгар үлэлиир кэмигэр Хоптоҕо нэһилиэгэр ыытыллар бырааһынньык кэнсиэртэригэр соҕотоҕун уонна фронтовик-учуутал Васильев Сергей Осиповичтыын пааралаһан, араас омук үҥкүүтүн толороллорун биир бэйэм үҥкүү абылаҥар бүтүннүү ылларан дуоһуйа-астына көрөрүм. Кини курдук буолуохпун баҕарарым. Сергей Осиповичтаах биһиги таспытыгар олороллоро. Кини ийэбэр: «Дьэ, эдьиэй! Кисиэнньэ кыыс күннэтэ үҥкүүгэ дьарыктаан ырдым, уҥуохтаах-тириим эрэ хаалла!» -– диэн дьээбэлэнэн кэпсиир эбит. Кырдьык, кылгас кэмнэ үҥкүүлүөхтээх нүөмэрдэрин түүннэри да бэлэмнээбит буолуохтаахтар диэн сэрэйэ саныыбын.
Нөҥүө сылыгар А.В.Посельская Чурапчы оскуолатыгар ыҥырыллан киирэн, эмиэ оҕолору үҥкүүгэ дьарыктаабыта. Ол саас биһиги Чурапчыга уус-уран самодеятельность курэҕэр киирбиппит быһыылааҕа. А.В.Посельская түөрт мин саастыыта кыыһы үҥкүүгэ дьарыктыы сылдьарын түбэһэ көрбүтүм. Чурапчы оскуолатын кэнсиэригэр ол түөрт кыыс «Лебединое озеро» балеттан «Танец маленьких лебедей» олус үчүгэйдик үҥкүүлээбиттэрэ, кыргыттар маарылаттан куба курдук кылгас көстүүмнээх этилэр.
1960-70 сылларга Наташа Посельская Новосибирскайдааҕы хореографическай училищеҕа үөрэнэр кэмигэр каникулугар ийэтинээн Мэлдьэхсилэригэр баран иһэн дуу, кэлэн иһэн эбитэ дуу, Дириҥҥэ биһиги дьиэбитигэр Капитоновтарга сылдьан ааспыттара. Наташа оччолорго балерина үөрэҕэр уһуйулла сылдьар буолан, ким барыта кэрэхсии көрөр быһыылаах-таһаалаах кырасыабай кыыс буолбут этэ. Онтон кини ийэтэ Аксения Васильевна эмиэ туспа кэрэлээх, киһини абылыыр көрүҥнээх маҥан кырасыабай дьахтар этэ. Биһиги кинилэри атааран бары уулуссаҕа тахсан турдахпытына, ийэлээх кыыс күлсэ-күлсэ кыратык сүүрэн ылбыттара. Ол мин харахпар умнуллубат кэрэ хартыына буолан иҥэн хаалбыт…
Аны санаатахха, идэлээх балериналар тутта-хапта, хаама-сиимэ сылдьаллара көннөрү дьонтон уратылаах буолар эбит диэн өйдөөбүтүм. Балерина аҥардас үҥкүүтүнэн, хамсаныытынан көрөөччүгэ элбэҕи кэпсиир, абылыыр эбит.
Мин 1968-1973 сылларга Дьокуускай куоракка үрдүк үөрэххэ үөрэнэр сылларбар саха тыйаатырыгар буолар испэктээктэргэ, кэнсиэртэргэ барытыгар кэриэтэ сылдьарым. Балет бөлөҕө «Чурумчуку» балеты, классическай «Жизель», «Барышня и хулиган», «Ромео и Джульетта» уо.д.а. балеттартан сахалыы быһа тардан туруорууларын дуоһуйа көрбүтүм. Ол саҕанааҕы балет саастаах соҕус көлүөнэ үҥкүүһүттэрин: Мекюрдяновы, Ефремовы, Местниковы, прима-балерина Евдокия Степанованы, эдэрчи көлүөнэ үҥкүүһүттэри Геннадий Баишевы, Светлана Саввинаны, Клавдия Иванованы, Наталья Посельскаяны, Наталья Христофорованы, Алексей Попову, Лира Габышеваны, Анатолий Ултургашевы уо.д.а. биһирии-астына көрбүтүм.
А.В.Посельская тыйаатырга үҥкүүлээн бүтэн, Москваҕа эбии үөрэнэн баран, Саха тыйаатырыгар туруорааччы-эрэпэтиитэр быһыытынан эмиэ үлэлээбитэ. Култуурунай-сырдатар училище иһинэн хореография кылааһа аһыллыбытыгар хореограф-педагог быһыытынан эмиэ бастакы суолу тэлэн айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини үөрэппит оҕолоро хореограф быһыытынан Саха сирин араас оройуоннарын кулууптарыгар, Култуура кииннэригэр ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Сорохтор Саха сиригэр, сойууска да биллэр үҥкүү ансаамбылларын тэрийбиттэрэ, араас таһымнаах күрэхтэргэ, бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Бары кэриэтэ тыа сирин култуурунай олоҕун сайыннарбыттара, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин, махталларын ылбыттара. Онон А.В.Посельская талааннаах педагог-хореограф буоларын дакаастаабыта, олоҕун иккис үрдэлин ылбыта!
Сыллар ааспыттара… Хомойуох иһин, Аксения Посельская ыалдьан орто дойду олоҕуттан туораабыта… Кыыһа Наталья ийэтин үтүө аатын үйэтитэн, 2004 с. «Аксения Посельская — балерина» диэн ааттаах кинигэни түмэн таһаарбыта. Бу кинигэҕэ биһиги ийэбит Сидорова Ульяна Федоровна «Киэн туттабыт» диэн ахтыыта 174 сирэйгэ уонна эдьиийим Светлана Петровна Капитонова «Ирдэбиллээх учууталым» диэн ахтыыта 177 сирэйгэ киирэн бэчээттэммиттэрэ.
Мин күннүкпэр маннык этиилэри суруйбут эбиппин: «2003 с. тохсунньу 30 күнүгэр Н.С.Посельская бу ийэтин туһунан кинигэтин Дириҥҥэ дьиэбэр кэлэн бэлэхтээтэ». Тохсунньу 29 күнэ 2005сыл. Дириҥнээҕи музыкальнай оскуолаҕа «Аксения Посельская —— балерина» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолбута. Мин эдьиийим Светлана Петровна бу тэрээһиҥҥэ ыҥырыллан сылдьыбыта. Наталья Семеновнаҕа сылгы сиэлиттэн олбох өрбүтүн бэлэхтээбитэ. Бары Наталья Семеновнаны кытта өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түспүт этилэр. 2001 сыллаахха Дириҥ музыкальнай оскуолатыгар А.Посельская үтүө аата иҥэриллибитэ. Кини аата төрөөбүт үөскээбит, кылгастык да буоллар үлэлээбит дойдутугар күннэтэ ахтыллара саныахха үчүгэй!
Саха сиригэр балет ускуустубата сайдыытыгар бастакы балерина быһыытынан суолу тэлбитин, кини уратылаах ыарахан дьылҕатын, кэлин кырдьар сааһыгар хореограф-педагог быһыытынан дьоһуннаах үлэтин сырдатар ахтыылары хомуйан, түмэн бу кинигэҕэ киллэрбитэ. Ийэтин туһунан дойдутун Мэлдьэхси дьонун, биир идэлээхтэрин, үгүс үөрэнээччилэрин истиҥ-иһирэх ахтыыларын долгуйа аахтыбыт. Өссө бу иннинэ 1995 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар кини үөрэнээччитэ – Уус Алдаҥҥа Култуура дьиэтин методиһа Мария Захаровна Сивцева «Аксения Посельская» диэн дьоҕус кинигэни хомуйан, суруйан бэчээттэппитэ. Кинигэ нууччалыы тылынан суруллубут ахтыылартан уонна А.В.Посельская туруорбут «Лаглайбаана», «Фестивальная», «Дьиэрэҥкэй» үҥкүүлэрин хамсаныыларын сиһилии суруйууттан турар.
А.В.Посельская 80 сааһыгар таптыыр-ахтар Мэлдьэхситин алааһыгар улахан ыһыах ыһыллыбыта. 600-тэн тахса киһи кыттыылаах бу улахан ыһыахха сылдьыбыт дьон үөрэн-көтөн, астынан, махтанан барбыттара. Мин эмиэ сиэн уолбун Вася Аргунову кытары бу ыһыахха астынан сылдьыбыппыт. Аксения, Наталья Посельскаялар төрөөбүт-үөскээбит дойдуларын Мэлдьэхсилэрин олус таптыыллара-ахталлара. Түгэн көһүннэр эрэ уонна сайын уоппускаларыгар тахсан сайылыыллара, төрөөбүт алаастарынан-тыаларынан дуоһуйа хааман, сир астаан, күүс-уох ылан бараллара. Аймахтарыгар сайыҥҥы үлэҕэ күүс-көмө буолаллара. Аксения Васильевна пиэрмэ ынахтарын ыаһарын мин балтыларым Пелагея, Ирина Капитоновалар оччолорго оскуоланы бүтэрэн баран ыанньыксыттыы сылдьан көрбүттэрин биһиэхэ сөҕөн кэпсииллэрэ.
Оҕо сааһым дьүөгэтэ Наталья Семеновна Чурапчы Дириҥэр кэллэр эрэ, биһиэхэ хайаан да сылдьара, хореография училищета сыллата таһаарар сурунаалларын аҕалан бэлэхтиирэ. Наталья Семеновна ийэтин туйаҕын хатаран, дьоһуннаах олоҕу олорон ааста. Кини саха сиригэр балет ускуустубата салгыы сайдар акылаатын туруорсан, ону олоххо киллэрэн ситиһэн барда.
1995 с. ыам ыйын 30 күнүгэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ хореография училищетын төрүттүүр 1058 нүөмэрдээх ыйааҕын таһаарбыта. Саҥа тэриллэр училище дириэктэринэн Наталья Посельская анаммыта. Аналлаах баараҕай тутууну Наталья Семеновна бэйэтинэн хонтуруолласпыта. Өссө бу сылларга быһылааҕа, кини Москваҕа үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ, үлэтигэр өссө биир үрдэли дабайбыта. Наталья Семеновна айбыт аҕатын Семен Сюльскай туһунан дьоһуннаах кинигэни хомуйан таһааттарбыт эмиэ үтүөлээх.
Хореография училищетын үөрэнээччилэрэ балет үөрэҕин бүтэрэн, Суорун Омоллоон аатынан Опера, балет тыйаатырыгар уонна Сергей Зверев-Кыыл уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырыгар ситиһиилээхтик үлэлии, Арассыыйа элбэх куораттарынан, тас да дойдуларга гостуруоллаан, сахаларын норуотун аатырда сылдьаллар. Училище үөрэнээччилэрэ араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттыылара кинилэр идэҕэ таһымнара үрдүгүн туоһулуур. Кэлиҥҥи сылларга Дьокуускайга Опера уонна балет тыйаатыра сөптөөх каадырдарынан үчүгэйдик хааччыллан, улахан классическай айымньылары толору туруорар буоллулар. Холобур, Чайковскай «Лебединое озеро» балетын Улахан тыйаатыр сүрүн хореограба Юрий Григорович ыҥырыыны ылынан, Москваттан кэлэн туруорбута. Бу өр сыллаах бары балет артыыстарын уонна Аксения Васильевна, Наталья Семеновна Посельскаялар ыра санааларын туолуутунан буолар. Ол кэннэ А.Хачатурян «Спартак» балетын туруорбуттарыгар хореография училищетын бүтэрбит Сарыал Афанасьев, Екатерина Тайшина сүрүн оруоллары ситиһиилээхтик үҥүүлээбиттэрэ. Мин Дьокуускайга киирэн, бу балеты көрөр дьолломмутум. Н.С.Посельская сүрүн икки наҕараадалааҕынан, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолуутунан уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы профессиональнай балет «Душа танца» бириэмийэтинэн наҕараадаламмытынан киэн туттабын!
2001 сыллаахха күһүөрү Улуу Өлүөнэ өрүспүт уутун турбанан, Мэҥэ Хаҥалас сиринэн сүүрдэн, Чурапчы үрэхтэрин, алаастарын уунан нүөлсүтүөхтээх баараҕай тутуута олоххо киирбитинэн, Хайахсыт нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах улахан бырааһынньык буолбута. Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев бөртөлүөтүнэн көтөн кэлэн, бу бырааһынньыкка кыттыыны ылан эҕэрдэ тылын эппитэ. Анал оҥоһуллубут үрдүк соҕус помостка улахан кэнсиэр буолбута. Дьокуускайтан хореография училищетын оҕолорун илдьэ Н.С.Посельская эмиэ кэлбит этэ. Үҥкүүһүт кыргыттар саҥа кэлбит улахан уу таһыгар кубалар үҥкүүлэрин толорбуттара кэрэ көстүү этэ! Наташа эдьиийим Лана биһигини кытта көрсөн үөрэ-көтө кэпсэппитэ, өйдүү-саныы сылдьар гына хаартыскаҕа түспүппүт. Оччолорго Опера тыйаатырын эдэр талааннаах ырыаһыта Айталина Адамова хас да ырыаны үрдүк таһымнаахтык ыллаабыта, истээччилэр дууһабытын долгуппута.
Быйыл 2024 сыл ахсынньы 24 күнүгэр Аксения Посельская төрөөбүтэ 100 сыла туоларынан, кини үбүлүөйэ үрдүк таһымнаахтык барыаҕар эрэнэбин. Мин баҕа санаам — А.В.Посельская ураты дьылҕатын, олоҕун сырдатар арамаан суруллара буоллар. Кини туһунан сценарий суруйан, киинэ да устуохтарын сөп этэ. Үөрүөх иһин, Аксения уонна Наталья Посельскаялар үҥкүүһүт утумнааччылара салҕанар. Наталья Семеновна соҕотох уола А.Н.Нолан оҕолоро Аркадий Неустроев, Алисия Пак эбээлэрэ төрүттээбит хореографиятын училищетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, саха тыйаатырыгар үҥкүүлүү сылдьалларыттан үөрэбит, утум салҕанар! Онон, ийэлээх кыыс Аксения уонна Наталья Посельскаялар Саха сиригэр балет ускуустубата сайдыытыгар олохторун анаан, ситиһиилээхтик үлэлээн, айан ааспыттара үйэлэргэ умнуллуо суоҕа. Кинилэр үтүө ааттара бэйэлэрэ төрүттээбит Саха сиринээҕи балет оскуолатыгар иҥэриллибитинэн биир дойдулаахтара: чурапчылар, мэлдьэхсилэр, хоптоҕолор киэн туттабыт!
Елена Петровна КАПИТОНОВА, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Сидоровтар педдинастияларын учуутала, Чурапчы улууһун норуотун маастара, Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: