Быйыл «Амма» суолугар 17 км аспаалынан бүрүйүөхтэрэ
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн, быйыл Саха сиригэр «Амма» суолга 17,2 км суолу аспаалынан бүрүйэр былаан баар. Бу Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма оройуоннарын сиригэр-уотугар оҥоһуллуоҕа диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ити курдук, «Мегинские магистрали» тэрилтэ 24-30,5-с км суолу нуормаҕа түһэриэҕэ. Бу суол устата — 6,5 км. Билиҥҥи туругунан, бу үлэ бырайыага оҥоһуллар, макеттар бигэргэннилэр, матырыйаал бэлэмнэннэ. Геодезическай үлэлэр ыытыллалларыгар дуогабар баттаммыт.
Оттон Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар баар 82,3-86-с км суол учаастагын өрөмүөнүгэр «Мегино-Кангаласские автомобильные дороги» тэрилтэ үлэтин саҕалаата. Бүгүҥҥү күҥҥэ бэдэрээттиир тэрилтэ матырыйаалын аҕаларга, суол балаһатын нуормаҕа түһэрэргэ, геодезическай үлэлэргэ бэлэмнэниини ыытар.
Амма оройуонугар 148-155-с км суолу «РИК Автодор» тэрилтэ оҥорор.
Санатан суруйдахха, Ил Дархан Айсен Николаев «Амма» суолу Амма сэлиэнньэтигэр тиийэ нуормаҕа түһэрэргэ соруйбута. Ити курдук 2028 сылга 180 км суол аспаалынан бүрүллүөхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: